Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум Уһук Илин сайдыытыгар саҥа саҕахтары арыйыаҕа
РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ахсыс төгүлүн ыытыллар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум тула мунньах ыытта. Пуорум Владивостокка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет кампуһугар балаҕан ыйын 10-13 күннэригэр буолуоҕа.
«Уон сыллааҕыта РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Уһук Илин сайдыытын 21-с үйэҕэ национальнай приоритетынан быһаарбыта. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа түмүктэри таһаарыахпыт, инники былааннары торумнуохпут. Пуорум былаһааккатыгар быһаарыныылар ылыныллаллар, бу Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, бүтүн Азиатскай-Тихоокеанскай эрэгийиэҥҥэ суолталаах буолла. Пуорум сүрүн тиэмэтинэн «На пути к сотрудничеству, миру и процветанию» диэн этии буолуоҕа. Архитектуратын туһунан этэр буоллахха, биһиги сүрүн блоктары хаалларан, норуоттар икки ардыларынааҕы турукка болҕомто ууруохпут, Уһук Илин дойдубутугар оруолун көрүөхпүт», — диэн Юрий Трутнев эттэ.
Быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум дьыалабыай бырагыраамата алта блоктаах: «Международное сотрудничество в изменившемся мире», «Логистика перемен», «Дальний Восток за десять лет. Что получилось и что нужно сделать», «Технологическое развитие как гарантия суверенитета», «Дальний Восток будущего», «Образование и воспитание как основа независимости».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: