Юрий Трутнев: “Ойуур баһаарыгар ылыныллыбыт миэрэлэр көдьүүстээхтэрэ билиннэ”

Share

“Быйыл ойуур баһаарын сэрэтиигэ Саха сиригэр туһааннаах миэрэлэр ылылланнар, быйыл баһаардар түөрт төгүл, уот ылбыт сирдэрэ 14 төгүл кыччаатылар”, – диэн бэлиэтиир РФ бэрэсидьиэнигэр Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалааҕа-вице-премьер Юрий Трутнев бүгүҥҥү мунньах кэнниттэн.

Былырыын Саха сиригэр улахан ойуур баһаардара тураннар, федеральнай ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ойуур баһаарын сэрэтиигэ, умуруорууга элбэх мунньахтары ыытан, манна туһааннаах миэрэлэр ылыныллыбыттара. Бу миэрэлэр бары олоххо киирбиттэрин түмүгэр ойуур баһаара тахсыыта хас эмэ төгүл кыччаата. Ол курдук, ойуур баһаарын ахсаанынан түөрт төгүл, уот ылбыт сиринэн 14 төгүл кыччаата. Манна үбүлээһини таһынан ойуур баһаарыгар кыттар дьон ахсаана элбээбитин, анал оборудованиелар кэлбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох, – диэн этэр Юрий Петрович.

Вице-премьер Саха сиригэр былырыын буолбут ойуур баһаардарын түмүгүн туһунан этэригэр баһаары бастакы күҥҥэ умуруоруу улахан оруолу ыларын бэлиэтээтэ.

Уһук Илин федеральнай уокурук Арассыыйа сирин-уотун 40 бырыһыанын ылан олорор. Нэһилиэнньэлээх пууннар ыраах сыталларынан, сорох ардыгар үгүс сиргэ киһи сатаан тиийбэт даҕаны. Ол иһин манна ойуур баһаарын умуруоруу ханнык да эрэгийиэннэрдээҕэр уустук. Ойуур баһаарыгар уот саҥа кыымнанан истэҕинэ, умуруоруу улахан оруолу ылар. Онон биһиги, бастатан туран, үлэбитин-хамнаспытын баһаар бастакы күнүгэр умуруорууга туһаайыахтаахпыт. Оннук гымматахпытына уот саллайан улаатан тахсар, ону бэйэҕит да билэҕит. Билигин баһаары бастакы күнүгэр умуруоруу 63 бырыһыан буоллаҕына, бу көрдөрүүнү 80 %, онтон үөһээ тириэрдии сыала-соруга турар, – диэн иһитиннэрэр кини.

Ону таһынан Юрий Петрович билигин Хабаровскай кыраайга улахан баһаардар бара туралларын эттэ. “Хабаровскайга буола турар баһаардар эмиэ киэҥ сири-уоту ыллылар. Балаһыанньа манна уустук. Ол эрээри эрэгийиэҥҥэ туох баар миэрэлэр барыта ылыныллан тураллар. Билиҥҥи туругунан, кинилэр “МИ-26” бөртөлүөтү көрдөөтүлэр. Бу сайаапканы РФ ЫБММ көрөн ыытыаҕа”, – диэн бэлиэтиир.

Аграфена КУЗЬМИНА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago