Салгыы
Юрий Трутнев: «Пуорумҥа түһэрсиллибит сөбүлэҥ 80%-на олоххо киириэҕэ»

Юрий Трутнев: «Пуорумҥа түһэрсиллибит сөбүлэҥ 80%-на олоххо киириэҕэ»

19.09.2024, 15:06
Хаартыска: СҺ Аҕа баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатан пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Владивостокка IX Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа түһэрсиллибит сөбүлэҥнэртэн 80% кэриҥэ  инвестиционнай бырайыак буолан, олоххо киириэхтэрэ. 

Бу туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка Арассыыйа бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бэлиэтээтэ:

Урукку сылларга түһэрсиллибит сөбүлэҥнэр түмүктэринэн Уһук Илин уокурукка  уонна Арктикаҕа 4 триллион солкуобай инвестицияны тарпыппыт. Сүрүн ситиһии —  Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин макрорегиону салгыы кэскиллээхтик сайыннарар усулуобуйаны тэрийии буолбутун бэлиэтээһинэ.  Ол курдук,  2030 сылга диэри Уһук Илин олохтоохторугар икки бырыһыан ипотека ставкатын тутуһуу, Уһук Илиҥҥи куораттар генеральнай былааннарын олоххо киллэриигэ эбии 100 млрд. солкуобайы көрүү, 2030 сылга диэри Уһук Илиҥҥи энергетическэй бырагыраамата сайдыытын түргэтэтии,  Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук бары эрэгийиэннэригэр  төрөөһүн ахсаана федеральнай уокурук орто көрдөрүүтүттэн намыһах буоллаҕына, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ 1 мөл солк. төлөбүрүнэн хааччыйыы, «Байкал» сөмөлүөтү оҥорон таһаарыы  курдук суолталаах боппуруостар олоххо киириилэрэ быһаарыллыаҕа.

Быйылгы пуорумҥа Саха сирин салалтата 25 саҥа дуогабары баттаста.  Онтон  саамай суолталаахтара Найба муора пордун уонна Чуумпу акыйаан тимир суолун тутуу,  Өймөкөөн улууһун Уус-Ньара бөһүөлэгэр  сылааһы хааччыйар систиэмэлэри саҥардыыга, Арктика Синергия бырайыагы кэҥэтиигэ, Дьокуускай куорат маастар былаанын үбүлээһиҥҥэ сыһыаннаахтар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: