РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук федеральнай уокурукка тимир суолунан таһаҕаһы тириэрдии туругун уонна кэскилин туһунан боппуруоһунан мунньах ыытта.
Макроэрэгийиэни дойду киин чааһын кытта сибээстиир сүрүн суол (БАМ уонна Транссиб) олус туолан турар. Былырыын Илиҥҥи полигон таһаҕаһы тиэйэр кыаҕа 173 мөл. туоннаҕа тэҥнэспитэ. Быйыл 180 мөл. туоннаҕа диэри эбиллэр. Маныаха таһаҕаһы ыытааччылар ирдэбиллэрэ биллэ үрдүк. Ааспыт сылга 353 мөл. туоннаҕа (биир эрэ өттүгэр) сайаапка киирбит. Тириэрдиллибэтэх таһаҕас кээмэйэ 180 мөл. туоннаҕа тэҥнэспит. Уһук Илиҥҥи кэккэ таһаҕаһы ыытааччылар сайаапкаларыгар сөбүлэспэттэр. Контейнердары ыытыы тутуллар. Бары таһымнаах бүддьүөккэ нолуогу төлүүр уонна Уһук Илин нэһилиэнньэтин биллэр чааһын оробуочай миэстэнэн хааччыйар хампаанньалар ночоотуран тахсаллар. Кэккэ оҥорон таһаарааччылар тохтуур турукка сылдьаллар диэн Уһук Илиҥҥи боломуочуйалааах бэрэстэбиитэл пресс-сулууспата бэлиэтиир.
“Онон ити боппуруоһу быһаарар инниттэн суһаллык миэрэ ылар ирдэнэр”, — диэн Юрий Трутнев этэр.
Мунньах түмүгүнэн Юрий Трутнев социальнай суолталаах таһаҕаһы бастакынан тиэрдиини хааччыйарга, үөскээбит түгэни ырытан көрөргө уонна хампаанньалар таһаҕастарын тириэрдиигэ уопсай этиилэри бэлэмнээһиҥҥэ, Арассыыйа Тырааныспарка, Экэнэмиичэскэй сайдыыга, Илиҥҥи сайдыыга министиэристибэлэригэр уонна “Арассыыйатааҕы тимир суоллар” ААУо кэккэ сорудахтары биэрдэ.
“Биир даҕаны тэрилтэ үлэтин тохтотуо суохтаах. “Хотугу тириэрдии” олоҕу хааччыйар бары таһаҕаһын тириэрдиини хааччыйар ирдэнэр. Номнуо мунньуллубут, тириэрдиллибэтэх таһаҕас баар. Дьон ол табаары кэтэһэр. Бүгүн бэриллибит сорудахтар бары кылгас кэм иһигэр толоруллуохтаахтар”, — диэн Юрий Трутнев мунньах түмүгэр эттэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…