Салгыы
Юрий Трутнев: «Уһук Илин бары 11 эрэгийиэнэ ДНӨ көмөҕө кыттыста»

Юрий Трутнев: «Уһук Илин бары 11 эрэгийиэнэ ДНӨ көмөҕө кыттыста»

27.06.2023, 16:32
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Байыаннай эпэрээссийэ кыттааччыларын өйөөһүн Арассыыйаҕа сүрүн соругунан буолла. Саҥа эрэгийиэннэргэ көмөлөһөргө Уһук Илин барыта кыттыста. Байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар сиригэр уонна сыһыарыллыбыт территорияларыгар вице-премьер – РФ Бэрэсидьиэнин Уһук-Илиҥҥи Федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев тиһигин быспакка сылдьар. Саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэрии, инникитин кинилэри экэнэмиичэскэй өртүнэн өйөөһүн, патриотическай кииннэри сайыннарыы былааннарыттан уонна буолаары турар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум туһунан ТАСС-ка интервьютугар кэпсээтэ.

— Юрий Петрович, Донецкайга тиһигин быспакка сылдьаҕыт. Чөлүгэр түһэрии үлэтэ хайдах барар?

— Уһук Илин эрэгийиэннэрэ ДНӨ босхоломмут сиригэр эппиэттээхтэр. Кырдьык, сотору-сотору барабын, үлэ хайдах ыытылларын көрөбүн. Тутуу – махтала суох дьыала. Сороҕор, ким эрэ тугу эрэ ситэ туппат, сороҕор – тутар эрээри, кэмигэр бүтэрбэт. Уһук Илиҥҥэ өрүү бу боппуруоһу кытта “охсуһан” тахсабын, ол эрээри, босхоломмут сирдэргэ биир даҕаны эбийиэк ыйыллыбыт болдьоҕуттан хаалбата. Былырыын ылбыт эбийиэктэрбит бары хаачыстыбалаахтык уонна кэмигэр тутуллубуттара. Бу үгэһи быйыл даҕаны салгыахпыт дии саныыбын.

Маныаха киһи үөрбэт түгэннэрэ эмиэ бааллар. Дебальцевоҕа кэллибит, спортивнай комплексы туттарыахтаахпыт. Комплекс успорт саалалаах биир чааһа баара, аттыгар бассейннаах иккис чааһа биһиги кэлэрбитигэр номнуо суох буолбут этэ – HIMARS аракыата кэлэн түспүт. Хомойуох иһин, маннык түгэннэр эмиэ буолаллар.

— Элбэх киһи байыаннай эпэрээссийэни тылынан эрэ буолбакка, волонтердууллар, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр. Маннык үлэ, бука, бары эрэгийиэннэргэ ыытыллан эрдэҕэ. Бу үлэҕэ болҕомтону тардар биир ситиһиилээх бырайыак Магадан уобалаһыгар саҕаламмыта. Онно волонтердааһын — хас биирдии киһи туох кыахтааҕынан көмөлөһүүтэ диэн дьоҥҥо кэпсииллэр. Маны Уһук Илин бары эрэгийиэннэригэр тарҕатыахха сөп дуо?

— Волонтердар, баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр – ис дууһаларыттан көмөлөһөллөр, хайдах сатыылларынан гыналлар. Билиҥҥитэ тугу эрэ сыҥалыахпын баҕарабаппын. Араас эрэгийиэннэргэ баҕа өттүнэн кыттааччылар арааһынайдык өйүүллэр. Эһиги Магадан диэтигит, мин, холобур, Сахалины ааттыахпын сөп.

Уопсайынан, көмө көрүҥэ араас буолуон сөп, эрэгийиэҥҥэ хааны тохтотор жгуту оҥорууттан саҕалаан, пилота суох көтөр аппарааттарга, кыра ыйааһыннаах баггига, радиоэлектроннай охсуһар тэрилгэ тиийэ. Биһиги маныаха ханыылыы бырайыактары өйүү сатыыбыт.

— Уһук Илин бары 11 эрэгийиэнэ ДНӨ көмөҕө кыттыста. Хас биирдиилэригэр территория сыһыарыллыбыта. Ол эрээри, быһаччы эттэххэ, Уһук Илин эрэгийиэннэрэ бары көмөлөһөр кыахтаах баай буолбатахтар. Бу түгэҥҥэ эрэгийиэн бүддьүөтүгэр эбии ноҕурууска сүктэриллибэт дуо?

— Биһиги оҥорор көмөбүт биллэр, көстөр. Маны барытын мин илэ харахпынан көрбүтүм. Баарынан этэр наада, бүддьүөттэн ороскуоттанар суума биир бырыһыан өлүүгэ эрэ тэҥнэһэр. Ханнык эрэ эрэгийиэҥҥэ киритиичэскэй суума буолуо дии санаабаппын. Кырдьык, мин губернаторынан үлэлии сылдьыбытым, билэбин.  Өскөтүн көдьүүстээхтик туһаннахха, кэмчилээтэххэ, ботуччу харчыны  кэмчилиэххэ сөп.

Сороҕор, байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар сиригэр сырыыларым икки ардыларыгар кэллэхпинэ, тулабытын барытын үчүгэй курдук көрөбүн. Оччоҕо хомунар уонна барар кэм тирээбитин өйдүүбүн. Бу сырыыларга “иллюзия” тута сүтэр. Мин эппиэтинэһим тутуу үлэтин сүрүннээһининэн эрэ муҥурдаммат. Бүгүн Уһук Илин тыһыынчанан эдэр дьоно байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьаллар, кинилэри быраҕар хайдах да табыллыбат. Байыаннай чаастарга тиийэбин, хамандыырдары, байыастары кытта көрсөбүн. Мин онно тугу эрэ бэрэбиэркэлии кэлбит ыалдьыт буолбатахпын, тугунан эмэ көмөлөһөр табаарыспын.

Интервьюну сиһилии манна ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 января
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: