Уһук Илин федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалааҕа-вице-премьер Юрий Трутнев Илиҥҥи экономическай форум түмүгүнэн суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр тэрээһиҥҥэ барыта 3,255 трлн солкуобай суумалаах дуогабардар түһэрсиллибиттэрин бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, форумҥа 90 хайысханан үлэ барбыт.
Юрий Петрович Арассыыйаҕа да, тас дойдуларга да Уһук Илин эрэгийиэннэрин суолтата сылтан сыл үрдээн иһэрин бэлиэтиир.
— Уһук Илин суолтата, туох да халбаҥа суох, үрдээн иһэр. Экспортпыт илин диэки хайыһан саҥа саҕахтар арыллаллар. Бу саҥа саҕалааһыннар салгыы тырааныспар, суол-иис боппуруостарын сайыннарыахтара. Ол иһигэр муора суолунан айаны эмиэ, — диэн иһитиннэрэр кини.
Куораттар маастар-былааннарын туһунан этэригэр Юрий Петрович бу хайысханан өссө салгыы үлэ барыаҕын, маастар-былааннары түмүктээн үбүлээһини бырабыыталыстыбаттан чуолкайдатыахха наадатын бэлиэтээтэ. Уһук Илин эрэгийиэннэрин уопсай сайдыыларыгар сыһыаран: «Биһиги эрэгийиэннэрбит түргэнник сайдыахтарын баҕарар буоллахпытына манна киирбит чэпчэтиилэри өссө саҥардан иһиэхтээхпит», — диэн этэр. Оттон урутаан сайдар сирдэр тустарынан: «Инвестордар куттаммакка үлэлиир усулуобуйалара баар буолуохтаах. Манна Арассыыйа сокуоннарын таһынан бырабыыталыстыбалар икки ардыларынааҕы сөбүлэҥнэр үлэлииллэр», — диэн бэлиэтиир.
Аграфена КУЗЬМИНА
ИДьМ 4 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар «Спортмастер» успуорт маҕаһыынын бэрэстэбиитэлэ 18 000 солк. кэриҥэ суумалаах…
Алдан оройуонун Улахан Ньымныыр бөһүөлэгэр суоппар самосвалынан саахалы таһаарбыт содулларын туоратыыны түмүктүүллэр. Хочуолунайы үлэҕэ киллэрии…
Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 12 күнүгэр Москваҕа Н.Н.Бурденко аатынан Сүрүн байыаннай клиническэй госпиталга сырытта.…
Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…
Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…