Юрий Трутнев: Уһук Илин инники кирбиигэ сылдьар байыастары салгыы өйүүр

Share

РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин УИФУо боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ ЮБрий Трутнев сорудаҕынан байыаннай дьайыы инники зонатыгар сылдьар хамандыырдарга уонна байыаннай сулууспалаахтарга, ол иһигэр Уһук Илинтэн сылдьааччыларга сэби-сэбиргэли, тырааныспар сириэстибэтин тиэртилэр.

“Аныгы усулуобуйаҕа байыаннай дьайыы – бу туох-ханнык иннинэ аныгы тиэхиньикэни уонна технологияны туһаныы. Уһук Илин тэрилтэлэрэ байыаннай дьайыыга көмөлөһүүгэ көхтөөхтүк кытталлар. Биһиги саҥа “Патриотическая” ТОР тэрийдибит. Бу көмөтүнэн саҥаны оҥорон таһаараллар. Ол курдук, пилота суох көтөр аппарааттары, вездеходтары, туһаайар  комплекстары, ууну ыраастыыр тэриллэри уонна мэдиссиинэ препараттарын – бу биһиги байыастарбытыгар судаарыстыба интэриэһин туруулаһалларыгар көмөлөһөр”, — диэтэ Юрий Трутнев.

Сэби-сэбиргэли уонна таҥаһы-сабы Илиҥҥи байыаннай уокурук подразделениеларыгар Донбасска сылдьар хомуурга ыҥырыллыбыттар, баҕа өттүлэринэн барбыт байыаннай сулууспалаахтар ыллылар.

Байыастар ыллылар: бөдөҥ калибрдаах снайперскай комплекстары, араадьыйа разведкатын сириэстибэлэрин, кэтээн көрүү тепловизионнай тиһигин, түүн көрөр прибордары уо.д.а. “Сахафильтр” ХЭТ диэн Саха сирин хампаанньатын байыаннай чаастарга ууну ыраастыыр мобильнай блок-прицеп уонна байыаннайдарга уонна гражданскай усулуобуйаҕа анаммыт “Байкал” ууну ыраастыыр көһөрүллэ сылдьар систиэмэ. Бу ууну ыраастыыр систиэмэ ыраас уунан сууккаҕа 100 киһини ыраас уунан хааччыйар.   Инники кирбиигэ хааны тохтотор Биробиджаҥҥа оҥоһуллубут турникеттары ыыттылар. Тырааныспары эмиэ тиэртилэр. Байыаннайдарга УАЗ массыынаны уонна “Ерофей” туохтан да иҥнибэт вездеходу илдьэн биэрдилэр. Бу тэрили  Хабаровскайдааҕы “Сониктранс” тэрилтэ оҥорор. Тустаах тиэхиньикэ инники кирбиигэ бэйэтин үчүгэйдик көрдөрдө.

Ону тэҥэ Юрий Трутнев Донецкайга сырыытын кэмигэр “Каскад”  ДНР суһал-бойобуой тактическай тэриллиитин уонна “”Союз” бойобуой искусстволар Арассыыйатааҕы сойуустарын баҕа өттүнэн тэриллибит этэрээттэрин кытта көрүстэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago