Салгыы
Юрий Трутнев Уһук Илин олохтоохторугар быыбарга көхтөрүн махтанна

Юрий Трутнев Уһук Илин олохтоохторугар быыбарга көхтөрүн махтанна

19.03.2024, 13:03
Хаартыска -- СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэсэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин олохтоохторугар РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар махталын тиэртэ.

Ытыктабыллаах Уһук Илин олохтоохторо!

РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар Уһук Илин уокурукка быыбардааччы 72%-на куоластаата.  Эһиэхэ Арассыыйа инники дьылҕатыгар кыһамньыгыт,  дойду бэлэтиичэскэй тэрээһинигэр көхтөөхтүк кыттан, бэйэҕит ис санааҕытын биллэрбиккит иһин махталбын тиэрдэбин. 

Уопсай түмүк кулун тутар 21 күнүгэр биллиэҕэ. Ол эрээри, бүгүҥҥү күннээҕи ааҕыынан билигин үлэлии олорор дойдубут Бэрэсидьиэнэ уһулуччу кыайыыны ситистэ. Бэрэсидьиэнинэн үлэлээбитин устата Владимир Владимирович сайдыы саҕаҕар үгүс ситиһиини аҕалла. Кини сорудаҕынан «Восточнай» космодром тутутулунна, Амурдааҕы гааһы переработкалыыр собуот, «Звезда» суудуна тутар комплекс тутулуннулар. Кэлим Уһук Илиннээҕи Бэрэсидьиэн субсидиятынан  сүүһүнэн балыыһалар, оскуолалар оҕо уһуйааннара, култуура уонна успуорт эбийиэктэрэ тутулуннулар. Бүгүҥҥү күҥҥэ төһө да араас уустуктар баалларын үрдүнэн, дойдубут ол ыарахаттары кыайан өрүү инники күөҥҥэ сылдьыаҕа.  Кэлэр алта сылларга Уһук Илин эрэгийэнигэр уонна Арассыыйаҕа саҥа историческай сайдыы суолун арыйыахтара».

Арассыыйаҕа дойду Аҕа баһылыгын быыбара ахсыс төгүлүн ыытылынна. Быыбар бүлүтүөнэ 100% куолас ааҕыытын ааста. Владимир Путин (бэйэ туруорунуута) 87,28%  куолаһы, Николай Харитонов (КПРФ) – 4,31%, Владислав Даванков («Новые люди») – 3,85%, Леонид Слуцкай (ЛДПР) – 3,2% куолаһы ыллылар. Владимир Путиҥҥа 75,9 мөлүйүөн киһи куолаһын биэрдэ.  

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: