Юрий Трутнев Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтигэр инники турар соруктары ыйда
Москваҕа 2022 сыллаах үлэ түмүктэринэн уонна кэлэр сыллаах былаан тула Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтин коллегиятын мунньаҕа буолла.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин ФУо боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бэлиэтээбитинэн, министиэристибэ кэлэктиибэ хас да хайысханан үлэни күүһүрдэллэрэ тоҕоостоох. Биир сүрүн соругунан сааҥсыйаттан судаарыстыбаннай уонна чааһынай инвестицияны көмүскээһин буолар.
«Сааҥсыйа баттабылын сүрүннээн инвестордар билиэхтэрэ. Кинилэр номнуо сакаастаммыт уонна төлөммүт тэриллэри кытта кыһалҕалары көрсөллөр, ону салгыы олоххо киллэрэргэ, тас бааннар кыттыылаах бырайыактары олохтуурга харчыга мэһэйдэри көрсөллөр. Ол түмүгэр 35 бырайыак болдьоҕор үлэҕэ киирбэтэ. Хас биирдии бытаарыы дьон олоҕун хаачыстыбата мөлтүүрүгэр дьайарын өйлдүөхтээхпит», — диэн Юрий Трутнев бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: