Юрий Трутнев: «Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы сүрүн вектордара оннунан хааллылар»»
2024 cыл уустук этэ. Ол эрээри Уһук Илин уонна дойду арктическай зуоналарын сайыннарыы вектордара оннунан хааллылар. Бу туһунан «Россия 24» телеханаалга интервьюга сыл түмүктэрин таһаарыы кэмигэр РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев иһитиннэрдэ.
«РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Уһук Илин сайдыытын инники күөҥҥэ туруорбута. Бу үлэ чэрчитинэн биһиги сөптөөхтүк хамсаан иһэбит. Уһук Илин билигин Арассыыйаҕа сайдыы таһымынынан инники сылдьар, салгыы сайдарыгар үлэлэһиэхпит», — диэтэ кини.
Юрий Трутнев иһитиннэрбитинэн, 171 тэрилтэ тутуллубут, 19 тыһыынча үлэ миэстэтэ тэриллибит.
«Бэрэсидьиэн субсидиятын чэрчитинэн 1900 эбийиэк тутуллубут. Олор истэригэр 233 оскуола, бүгүҥҥү күҥҥэ дьоҥҥо саамай наадалаах тутуулар. Иккис лииньийэ — стратегическай. Бу куораттар маастар-былааннара буолар. Бу маастар-былааннары национальнай бырайыактарга киллэрии туһунан РФ бэрэсидьиэнин сорудаҕа баар. Биһиги билигин кэллиэгэлэрбитин кытта көхтөөхтүк үлэлэһэбит. Судургута суох, ол эрээри биһиги кыайыахпыт», — диэтэ Юрий Трутнев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: