Юрий Трутнев «Валдай» норуоттар икки ардыларынааҕы кулуупка этиититтэн

Share

Норуоттар икки ардыларынааҕы “Валдай” санаа атастаһар, ырытыһар кулууп сессиятыгар РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ  Юрий Трутнев кыттыыны ылла.

Онно кини дакылаатыгар:

— Бастатан, этиэххэ наада,  кылаабынайа, дойдубут инники сайдыытыгар  Уһук Илин оруола уларыйбата. Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин  Уһук Илини сайыннарыыны нассынаалынай ураты соругунан биллэрбитэ. Биһиги  хамаанда ити сорудах иитинэн үлэбитин тэриммиппит, дьаһаммыппыт  уон сыл буолла.  11 сыл анараа өттүгэр Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ тэриллибитэ.

Ити кэм устата туох  оҥоһулунна, ситиһилиннэ? Бастатан, макрорегион сайдыытын өйүүр кэлим систиэмэ тэрилиннэ диэн эрэллээхтик этэр кыахтаахпыт. 10 сыл устата 75 Федеральнай сокуон, 400-тэн тахса Бырабыыталыстыба Акталара  ылылыннылар.

Итинтэн сиэттэрэн,  кэлиҥҥи сылларга Уһук Илин сайдыытыгар туох уларыйыылар таҕыстылар? Бастатан, ити уларыйыылар Арассыыйа экспортка поставкалааһына Илин  хайыһыннарыллыбытын кытта сибээстээхтэр.  БАМ магистраль, Транссиб, портар ноҕуруускалара үрдээтэ. Аҥаардас Уһук Илиҥҥи таһаҕас ылааччылар 2022 сыллаах сайаапкаларын кээмэйэ 70%-нан, биитэр  100 мөл. т. үрдээтэ.

Хотугу муора суолун сайыннарыы  саҥалыы суолталанар. Хотугу муора суолун сайыннарыыга Бырабыыталыстыба былаана олоххо киллэриллэр. Ледоколлар тутуллаллар, спутниковай бөлөх тэриллэр, о.д.а. үлэлэр ыытыллаллар.

Инникитин туохха болҕомтобутун уурабытый, тугу оҥоробутуй? Инвестицияны тардыы систиэмэтэ күрэстэһиилээҕин билэбит. Азия-Чуумпу акыйаан эрэгийиэнин  дойдуларын уопуттарын, уратыларын болҕомтоҕо ылабыт, инвестордары кытта үлэбит  ньымаларын саҥардабыт, тупсарабыт, төһө кыалларынан куттала суох, эрэллээх, көдьүүстээх оҥорорго кыһаллабыт. Алтынньы ыйга РФ Бырабыыталыстыбатыгар Михаил Владимирович Мишустин быһаччы салалтатынан ыытыллар сессияҕа Уһук Илини сайыннарыыга Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын инники хардыыларын, дьаһалларын дьүүллэһиэхпит.

Уопсайынан, күн бүгүн,  Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ В.В.Путин сорудаҕынан РФ Бырабыыталыстыбата ырытан олоххо киллэрэр дьаһалларынан Уһук Илин 5 мөлүйүөн олохтооҕо, биитэр уокурук нэһилиэнньэтин 62%  хабылынна. Биһиги сыалбыт-сорукпут – Уһук Илин хас биир олохтооҕун олоҕун усулуобуйатын тупсарыы, — диэтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

11 часов ago