Салгыы
Юрий Трутнев: «ВЭФ-2024 түмүгүнэн Уһук Илин 4 трлн солкуобай инвестицияны тарта»

Юрий Трутнев: «ВЭФ-2024 түмүгүнэн Уһук Илин 4 трлн солкуобай инвестицияны тарта»

14.09.2024, 12:00
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — УИФУо РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Россия-24» телеханаалга быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум түмүктэрин кэпсээтэ.

«Баттаныллыбыт сөбүлэһиилэр эмиэ суолталаахтар. Быйыл 5,5 трлн солкуобайтан тахса. Пуорум Уһук Илин сиригэр-уотугар 4 трлн кэриҥэ инвестицияны аҕалла», — диэн бэлиэтээтэ Юрий Трутнев.

Кини пуорум кэмигэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин эрэгийиэннэрин сайдыытыгар дьоһун быһаарыылары ылыммытын бэлиэтээтэ.

«Быйыл куораттары реновациялыырга — эбии 100 миллиард. Бу үһүс оҕоҕо төлөбүр. «Байкал» сөмөлүөтү тутууну кытта ситимнээх уо.д.а. сорудахтар. Бэрэсидьиэн сорудаҕын толоруохха наада, оччоҕо Уһук Илини сайыннарыыга көмөлөһүөхпүт», — диэтэ вице-премьер.

Санаттахха, быйыл Саха сирэ пуорумҥа 163 млрд солкуобайдаах 25 сөбүлэһиини түһэристэ. Бөдөҥ бырайыактар — Найба муора пуордун уонна Чуумпу Акыйааннааҕы тимир суолу тутуу, Өймөкөөн оройуонугар ититэр ситими саҥардыы, «Синергия Акртики» бырайыагы кэҥэтии уонна Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: