Юрист идэлээх сүрүн исписэлиис быһыытынан

Юрист идэлээх сүрүн исписэлиис быһыытынан

09.10.2022, 14:00
Бөлөххө киир:

1920-1921 сылларга Саха сирэ Аптаныамыйа ыстаатыһын туруорсуутугар, Аптаныамынай Өрөспүүбүлүкэ буолуутугар сокуоннай төрүттэринэн буолар бары юридическай акталар (докумуоннар) барылларын оҥорууга улахан кылааты киллэрбит киһинэн ити бириэмэҕэ П.А.Ойуунускай, М.К.Аммосов бииргэ үлэлээбит табаарыстара Георгий Семенович Ефимов (10.04.1892-1960-с сыллар кэннилэрэ) буолар.

Кини Дьааҥы улууһун Дулҕалаах нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Дьоно кыанар буоланнар, Георгий Семенович Дьокуускайга үөрэммитэ. Түөрт кылаастаах училище кэнниттэн, Норуот үөрэҕириитин министиэристибэтин учууталлары бэлэмниир икки сыллаах куурустарын (1910-1912 сс.) бүтэрбитэ. Эдэр учуутал Саха сирин туора ур­­дустарын уобаластааҕы сийиэс­тэригэр сылдьыбыта. Ол кэнниттэн тыаҕа тахсан, билиҥҥи Амма улууһугар Абаҕа биир, онтон икки кылаастаах оскуолатыгар 1912-1914 сылларга учууталынан уонна сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1914-1915 үөрэх сылыгар Георгий Семенович Дьокуускайга Учуутал сэминээрийэтин иһинэн аһыллыбыт образцовай-көрдөрүүлээх оскуолаҕа үлэлээбитэ. (Бу оскуолаҕа сэминээрийэ учууталлара үлэлииллэрэ, үөрэнээччилэр быраактыкаларын бараллара). 1915-1917 сылларга тугу үлэлээбитэ, тугунан дьарыктаммыта чуолкай биллибэт. Кини олоҕун чинчийбит учуонайдар биир курдук Томскайдааҕы университет юридическай факультетыгар үөрэммитэ, иккис курдук Дьокуускайга Учуутал сэминээрийэтигэр үлэлээбитэ диэн бигэргэтэллэр. 1917 сыллаахха Томскайга үөрэххэ киирбит П.А.Ойуунускай доҕоругар М.К.Аммосовка суруктарыгар Томскайга Гоша Ефимов баарын хаста да бэлиэтээбитэ эмиэ баар. Учуонайдар мөккүөрдэригэр кыттыспакка эрэ, биһиги манна биири бэлиэтиэхпитин сөп: 1920-1922 сылларга аптаныамыйаны туруорсуу уонна ылыныы саҕана Саха сирин үрдүкү салайааччыларыттан, ­­арааһа, үс эрэ киһи үрдүк үөрэхтээх эбит – РКП(б) Губбюротун сэкирэтээрэ Г.И.Лебедев (фармацевт), Губревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыт Н.Г.Юдин (быраас) уонна Г.С.Ефимов (юрист).

М.К. Аммосов хамаандатыгар киирэн

Сахатын сирин туһугар үлэтин Г.С.Ефимов 1920 сыллаахтан Иркутскай куоракка М.К.Аммосов ыыппыт мунньахтарыгар кыттыыттан саҕалаабыта. Аммосов хамаандатыгар киирэн, 1920 сыл бэс ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга кэлбитэ. Сонно тута үөрэҕирии салаатыгар ананан үлэлээн барбыта. Салгыы ревком сэбиэскэй тутууну салайар салаатын сэ­­биэдиссэйинэн (ол аата, сэбиэс­кэй былаас бары тэрээһиннэрин ыытар дьону салайара) анаммыта. Өр буолбатаҕа, аны райревком юстицияҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Бу курдук, каадыр тиийбэт буолан, араас үлэлэри тэрийсэ, салайса сылдьан, 1920 сыл балаҕан ыйын 24 күнүгэр Москваҕа буолуох­таах сэбиэскэй тутуу салааларын салайааччыларын сийиэстэригэр кытта барбыта. Суол-иис мөлтөх, тырааныспар суох буолан, Губревком уурааҕынан киниэхэ Саха сирин аатыттан Сэбиэттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы VIII си­­йиэстэригэр (1920 сыл, ахсынньы) кыттарга дэлэгээт мандаатын биэрбиттэрэ. Кини бу сийиэскэ В.Д.Виленскэйи, С.М.Аржакову кытта сылдьыбыта. Сийиэс кэнниттэн кинилэр үһүөн РСФСР Наркомнаһыгар сылдьан аптаныамыйа боппуруоһун биир бастакынан туруорсубуттара. Наркомнац боппуруоһу маҥнай Саха сиригэр быһаарсыҥ диэн сүбэлээбитэ.

Хомуньуус баартыйа салалтата төһө да сөбүлээбэтэр…

Мантан ыла Г.С.Ефимов аптаныамыйа боппуруоһугар актыыбынайдык үлэлээбитэ.1920 сыллаахха сэтинньигэ Омскайга Сибиир национальностарын салаатыгар Саха сирин хос са­­лаата тэриллибитэ, салаа сэбиэдиссэйинэн Г.С.Ефимов анаммыта. Манна үлэлии сылдьан И.Н.Бараховы, П.А.Ойуунускайы, Р.И.Оросины, И.Давыдовы кытта 1921 сыл олунньутугар Сибиир омуктарын дьыалаларын са­­лаатыгар Саха сиригэр сэбиэскэй тутууга (тэрээһиннэргэ) үлэһит, баартыйата суох интэлигиэнси­йэни кытыннарар туһунан боппуруоһу дьүүллэспитэ. Ол эрээри маны РКП(б) Якутгубкома (13.03.1921.) сөбүлээбэтэҕэ: “Оросин, Ефимов, Давыдов коммунистар буолбатахтар, Барахов уонна Ойуунускай контрреволюционер Оросины кытта уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй боппуруос­тары дьүүллэһиэ суохтаахтар”, – диэбитэ.

Төһө да Губбюро сэҥээрбэтин иһин, Г.С.Ефимов Губревком саҥа састаабыгар киллэриллибитэ, норуот үөрэҕириитин салаа­тын сэбиэдиссэйинэн хат­таан анаммыта. Губревком чилиэ­нэ Г.С.Ефимов мантан ыла Аптаныамынай Өрөспүүбүлүкэ тэриллиитигэр наадалаах элбэх эписсийээлинэй акталар (докумуоннар) барылларын оҥорууга күүскэ үлэлээбитэ.

ВЦИК-кэ Саха сиэксийэтигэр докумуоннар барылларын бэлэмнииргэ хамыыһыйа тэриллибитэ (чилиэннэрэ Г.С.Ефимов, С.Д.Донской). Георгий Семенович маннык докумуоннар барылларын бэлэмнээһиҥҥэ быһаччы кыттыбыта:

– Саха АССР Конституциятын барыла;

– Саха үлэһит норуотун туһунан декларация барыла;

– Саха АССР-ы быстах бириэмэҕэ салайыы туһунан балаһыанньа (САССР тэриллибитин кэннэ ревкомнар оннуларыгар Сэбиэттэр  тэриллиэхтэригэр диэри) барыла;

– Саха АССР-га оройуоннары тэрийии уонна административнай тэрээһиннэри олохтооһун туһунан балаһыанньа барыла;

– Саха Өрүспүүбүлүкэтин сирин-уотун (территориятын) уонна кыраныыссатын быһаарыы барыла;

– Саха АССР-га өрөспүү­бүлүкэҕэ бас бэринэр хаһаайыстыбаннай уонна административнай уорганнар тустарынан балаһыанньа барыла. Бу доку­муоннары бэлэмнээһиҥҥэ юрист үөрэхтээх Г.С.Ефимов бэйэтин тустаах кылаатын киллэрбитэ.

“Баартыйата суохтар хомуньуустары кытта бииргэлэр”

1921 сыл алтынньы 3-9 күннэригэр Дьокуускайга Саха сирин улуустарын уонна нэһи­лиэктэрин ревкомнарын бэрэстэбиитэллэрин I сийиэһэ үлэлээбитэ. М.К. Аммосов Саха сиригэр Аптаныамынай Өрөспүүбүлүкэни тэрийэр туһунан дакылааты оҥорбута. Сийиэс иккис күнүн мунньаҕар баартыйата суох дэлэгээттэр түмсүүлэрин (фракцияларын) аатыттан Г.С.Ефимов тыл этэн 3 улахан суолталаах этиини киллэрбитэ: бастатан, баарты­йата суохтар Социалистическай Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэни тэрийиини өйүүллэр, хомуньуус­тары кытта бииргэлэр;

Иккиһинэн, сийиэскэ тэриллэр уобаластааҕы ревком сас­таабыгар 3 баартыйата суох дьону эбии киллэрэн, ревком чилиэннэрин ахсаанын 7 киһи оҥоруохха (бу этиини бэрэссэдээтэллээччи П.А.Ойуунускай ылыммыта уонна Губревком толоруо диэбитэ);

Үсүһүнэн, гражданскай утарсыылар кэмнэригэр уобалас тыатын нэһилиэнньэтэ байыаннай мобилизацияларга хабыллыа суохтаах, тыа нэһилиэнньэтэ бэрээдэги көрүөхтээх-истиэхтээх, онон милиииссийэ эбээһинэстэрин эрэ толоруохтаах диэбитэ.

П.А. Ойуунускай быһаччы салалтатынан

Сийиэс уурааҕын толорон Губревком П.А.Ойуунускай бэ­­рэссэдээтэллээх, С.М.Аржаков, Г.С.Ефимов, С.Н.Донской-I, Л.М.Тверской чилиэннэрдээх аналлаах хамыыһыйаны тэрийбитэ (14.10.1921). Бу хамыыһыйа Саха АССР тэриллиитигэр наадалаах докумуоннар барылларын оҥорон, дьүүллэһиллэн, 1922 сыл кулун тутар 15 күнүгэр болдьоммут Сэбиэттэр (ревкомнар) II си­­йиэстэрин көрүүтүгэр бэриллиэх­тээҕэ. Хамыыһыйа кыһамньылаахтык үлэлээн, “САССР үлэлээн иитиллээччилэрин быраап­тарын уонна эбээһинэстэрин туһунан Декларация” барыла (П.А.Ойуунускай барыйаана) уонна “Саха Өрөспүүбүлүкэтин аптаныамыйатын туһунан балаһыанньалар” барыллара бигэргэтиллибиттэрэ (23.10.1921). Ол кэнниттэн аны (14.11.1921) САССР сирин-уотун экэнэмиичэскэй итиэннэ административнай уратыларын учуот­таан оройуоннары тэрийэр сыаллаах хамыыһыйа тэриллибитэ (П.А.Ойуунускай – бэрэссэдээтэл, чилиэннэрэ: Г.С.Ефимов, С.Ф.Гоголев, С.Н.Донской, А.Семенов). Эмиэ күүрээннээх үлэ саҕаламмыта.

Онон, 1921 сыл сэтинньигэ диэри Саха сирэ Аптаныамынай Өрөспүүбүлүкэ буолуутугар төрүт (олох) буолар сүрүн докумуоннар барыллара оҥоһулубута. Бу докумуоннары бэлэмнээһиҥҥэ биир сүрүн исписэлииһинэн үлэлээбит, бэйэтин тустаах кылаатын киллэрбит юрист идэлээх Георгий Семенович Ефимов та­­һаарыылаах үлэтин хайдах да мэлдьэһэр табыллыбат. Кини үлэтин бэлиэтээн, билинэн, ахтан-санаан, киниэхэ махтанан ааһарбыт сиэрдээх уонна тоҕоостоох.

 Николай Николаев,

 үлэ бэтэрээнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: