Юрий Трутнев туруктаах сайдыыга Хотугу V пуорум кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ
«Пуорум ытыктабыллаах кыттааччылара!
Омук державаларын, аан дойду бөдөҥ оонньооччуларын Арктикаҕа интэриэстэрэ сылтан сыл аайы улаатан иһэр.
Бу — аан дойдутааҕы геополитическай хонууга тыҥааһыны, биһиги дойдубутугар стратегическай дьоһуннаах эрэгийиэҥҥэ дьайар баҕа санааны, Хотугу муора пуордун сайдыытын кытта эмиэ сибээстээх. Арассыыйа Арктикаҕа бэйэтин позициятын илдьэ сылдьара улахан суолталаах. Онуоха экэниэмикэни сайыннарыахха, тэрилтэлэри элбэтиэххэ, дьон-сэргэ олоҕор тупсаҕай усулуобуйаны тэрийиэххэ наада.
Арассыыйа Федерациятын бырабыыталыстыбата бу хайысхаҕа үлэлиир. 2019-2020 сылларга Арктика сайдыытын стратегията ылыллыбыта. 2020 сыллаахха тэриллибит саҥа преференциальнай зона резиденнэринэн хайыы үйэ 915 урбаанньыт буолла. Бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын чэрчитинэн социальнай эбийиэктэр тутуллаллар. Эрэгийиэҥҥэ «Арктика гектара» сир учаастагын биэрэр бырагыраама баар. Арассыыйа бэрэсидьиэнин сорудаҕынан Арктика тирэх пууннарын сайыннарыы маастар-былааннара оҥоһуллаллар. Улахан болҕомто Арктика наукатыгар, килиимэт боппуруостарыгар, эрэгийиэн энергетикатыгар куттал суох буоларыгар ууруллар. Арассыыйа учуонайдара араас уобаласка чинчийиилэри ыыталлар, онтон биһиги арыйыыларбыт кэккэ хайысхаларга аан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьаллар. Туруктаах сайдыыга Хотугу V пуорум Арктика сайдыытын боппуруостарыгар улахан болҕомтону тардарыгар эрэнэбин. Пуорум эрэгийиэни түргэнник баһылыырга усулуобуйаны оҥорор уонна олорорго, үлэлииргэ кэрэхсэбили тардар быһаарыылары ылынар былаһаакканан буолуоҕа. Пуорум кыттыылаахтарыгар ситиһиини уонна көдьүүстээх үлэни баҕарабын».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: