Салгыы
Юстиция министиэристибэтэ тэриллибитэ 220 сылын бэлиэтээтилэр

Юстиция министиэристибэтэ тэриллибитэ 220 сылын бэлиэтээтилэр

30.09.2022, 12:33
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга РФ Юстицияҕа министиэристибэтэ тэриллибитэ 220 сылыгар аналлаах мунньах буолла. Мунньах кыттааччылара Донбаһы босхолооһуҥҥа өлбүттэр кэриэстэригэр биир мүнүүтэ саҥата суох турдулар.

1920 сыллаахха Саха сиригэр Юстиция губернскай отдела аһыллыаҕыттан, өрөспүүбүлүкэҕэ юстиция ураты историялаах. Бу кэмтэн юстиция уорганнара кэм ирдэбилинэн сайдан, уларыйан испиттэрэ.

Саха АССР үбүлүөйдээх сылыгар судаарыстыбаннай институттар  сайдыыларыгар юстиция үлэһиттэрин кылааттарын чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Саха автономията ылыллыаҕыттан, суут систиэмэтэ, нотариат, адвокатура тэриллэн, сокуону оҥорууга, тутуһууга тиһиктээхтик үлэлээн, юстиция ураты суоллаах-иистээх, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Ил Дархан юстиция уорганнарын бэтэрээннэригэр наҕараадалары туттартаата.

2008 сыллаахха Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтин управлениета Саха сиригэр тэриллиэҕиттэн, юстиция уорганнарын үлэтигэр саҥа тыын биллибитэ. Управление көҕүлээһининэн, 2013 сыллаахха юристар бастакы сийиэстэрэ ыытыллыбыта. Быйыл сийиэс төрдүс төгүлүн ыытыллыаҕа.

Айсен Николаев нэһилиэнньэҕэ босхо юридическай көмөнү оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уопуттааҕын ыйда. Ол курдук, Саха сиригэр Оҕолор бырааптарын көмүскүүргэ көмө күнэ ыытыллар. Бу күн чэрчитинэн, 200-тэн тахса тэрээһин, консультация ыытыллар.

Түмүккэ РФ Юстицияҕа министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетын кэлэктиибигэр Ил Дархан Махтал суругун туттардылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: