Үүнээйи эйгэтэ. Сибэкки үүннэриэн баҕалаахха

Share

Сибэкки үүннэриитигэр саҥа ылсар киһи судургу көрүүлээх, хаппырыыстаммакка үүнэр сибэккилэртэн саҕалыыра ордук.

Холобур, алоэттан, традесканцияттан, харчылаах мастан, бальзаминтан, спатифиллумтан, декоративнай  сэбирдэхтээх үүнээйилэртэн, уо.д.а.

Оттон азалия, гортензия, гардения, бегония курдук уустук көрүүлээх-истиилээх сибэккилэри үөрүйэх сибэккиһиттэр эрэ табан үчүгэйдик үүннэрэллэр. Дьиэҕэр аҕалар сибэккиҥ туһунан эрдэттэн билиэхтээххин. Бу үүнээйигэ хайдах температура, төһө сырдык, сиик наадатын, уу хайдах кутулларын. Сорох сибэккиҥ сырдыгы сөбүлүүр, сорох күлүккэ табыллан  үүнэр. Маны барытын биллэххэ, тутустахха итиэннэ наар үөрэ-көтө кэпсэтэ сылдьар  буоллахха, сибэкки олус үчүгэйдик үүнэр. Кинилэр син эмиэ оҕолор курдуктар, саҥарбаттар эрэ.

Е.Гаврильева — Сибэкки Дуунньа

«Үрдүк үүнүү кистэлэҥэ» («Айар», 2023 с.) кинигэттэн.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago