Үүнэр 2025 cылы Владимир Путин Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үүнэр 2025 сылы Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Кини кэлэр сылга Аҕа дойду сэриитин Улуу кыайыытын 80 сыллаах үбүлүөйэ буоларын санатта. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрдэ.
«Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылынан сибээстээн кэлэр сылы Аҕа дойдубут чиэһин көмүскүү сылдьар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна Аҕа дойду сэриитигэр аҕаларбыт, эһээлэрбит хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэн туран бу сылы биллэрэбин». — диэтэ.
Бэлиэтээн суруйдахха, бу иннинэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр үүнэр сылы Төрөөбүт дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбитэ.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аттыбытыгар Аҕа дойду сэриитин тоҕус кыттыылааҕа олорор. Бу саалаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын,»Хорсунун иһин» мэтээл кавалердара, ону сэргэ биһиги үүнэр көлүөнэбит, кадеттар бааллар. Кинилэр көлүөнэлэр быстыспат ситимнэрэ буолаллар. Дойдуга бэриниилээх буолуу сыаннаһа өссө күүһүрэрин туһугар, үүнэр 2025 сылы Төрөөбүт дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбин», — диэбитэ Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: