Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Бэйбэрикээн» остуоруйаны көрдөрдө

Share

Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйа-испэктээкили көрдөрдө. Бу остуоруйа оскуола бырагырааматыгар киирэн турар. Онон сүрүннээн сааланы толору алын, орто сүһүөх кылаастар үөрэнээччилэрэ учууталларын кытары кэлбиттэр.

Испэктээкил иннинэ үгэс курдук, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта Алексей Павлов тахсан, оҕолору Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бу кэнниттэн бэйбэрийэ хаамар Бэйбэрикээн туһунан алыптаах остуоруйа саҕаланна.

Бэйбэрикээн эмээхсин уонна Сээркээн Сэһэн оҕонньор сыанаттан оҕолору кытары кэпсэтэллэр, онуоха оҕолор көхтөөхтүк хаһыытаан, саҥаран, кэпсэтиигэ кыттыһаллар, ис хоһоонугар киирэн, тэҥҥэ оонньоһо олордулар. Абааһы кыыһыттан куттанан, сирэйдэрин саптыммыт, кириэһилэҕэ сытан хаалбыт да оҕолор бааллар. Онон “Бэйбэрикээн” уратыта диэн, үөрэтэр хабааннаахтык ыытылынна.

Маны тэҥэ, испэктээкил оҕолорго саха төрүт остуоруйатын, таҥаһын-сабын, туттар малларын, үгэстэрин билиһиннэрэр соруктаах. Ол курдук, олус улахан кээмэйдээх кытыйаларынан, ытыктарынан, ыаҕайаларынан оҕолорго саха иһитин туһаныыны кэпсииллэр, көрдөрөллөр, маллар ааттарын ааттыыллар.

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр сорох кылаастар сахалыы таҥнан кэлбиттэрэ үөрдэр. Испэктээкил кэнниттэн оҕолор артыыстары кытары хаартыскаҕа түстүлэр, алтыстылар.

Режиссер – СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров, сүрүн оруолларга СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова, СӨ үтүөлээх артыыһа Федот Львов, култуура туйгуннара Изабелла Егорова, Илья Яковлев оонньоотулар, сценографиятын култуура туйгуна Мария Иванова оҥордо.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago