Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра гуманитарнай көмөнү оҥордо
31.01.2023, 19:22
Төрөөбүт дойдуттан кэһии тутуохтара
Бөлөххө киир:
Саха сирин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын идэлээх сойууһа байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар байыастарга көмөлөһөр.
«Байыастар чугас дьонноро аһылык бородууктатын уонна дьиэтээҕи аһылыктан кэмпилиэктэри бэлэмнээтилэр. Биллэрин курдук, биһиги хорсун уолаттарбыт кырдьыгы туруулаһаллар. Кинилэр чугас дьоннорун уонна биир дойдулаахтарын ис сүрэхтэн оҥорбут көмөлөрө эбии күүһү-уоҕу ылалларыгар уонна кыайыыга эрэллэрэ күүһүрэригэр көмөлөһүөҕэр эрэнэбит”, — диэн идэлээх сойуус актыбыыстара иһитиннэрдилэр.
Бородуукталаах баһыылканы хайыы үйэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт Саха сирин олохтооҕунан ыытыахтара.
(Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспатын хаартыската)
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: