Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Хааннаах илкээни» испэктээги көрдөрдө
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Далан «Тулаайах оҕо» романынан «Хааннаах илкээни туһунан номох» испэктээги былырыын, Саха АССР 100 сылыгар аан бастаан туруорбута. Сэтинньи 6 күнүгэр тыйаатыр сүрүн режиссера Александр Титигиров үбүлүөйүнэн, «Хааннаах илкээнини» хат көрдөрдүлэр.
СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, култуура үтүөлээх үлэһитэ Александр Васильевич Титигиров 55 сааһын туолла. Кини туруорбут испэктээктэрэ Арассыыйаҕа, Европаҕа, Азияҕа, Африкаҕа тыйаатыр бэстибээллэригэр лауреат үрдүк аатын ылбыттара.
Испэктээк иннинэ көрөөччүлэр фойеҕа юбиляр айар үлэтин быыстапкатын — испэктээктэр хаартыскаларын, көстүүмнэрин, туттубут малларын-салларын көрдүлэр-иһиттилэр.
Александр Васильевиһы эҕэрдэлээн, култуура, духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Марина Силина, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын дириэктэрэ Алексей Павлов, Ил Түмэн, Тыйаатыр диэйэтэллэрин сойууһун, Саха тыйаатырын, Олоҥхо тыйаатырын, Национальнай үҥкүү тыйаатырын бэрэстэбиитэллэрэ эҕэрдэлээтилэр.
«Хааннаах илкээни» испэктээккэ нуучча кэлиэн иннинээҕи олоҕо көстөр. Туматтар, тоҥ биистэр, сахалар, дьирикинэйдэр сыһыаннара, сэриилэһэллэрэ, иэстэһэллэрэ, таптаһаллара, или-эйэни олохтууллара — барыта «Тулаайах оҕо» ромаҥҥа суруллубута. Кинигэҕэ сюжета уһун, киэҥ, дьоруойдара элбэх, ол эрээри, режиссер испэктээккэ ону барытын дьып-дьап киллэрэн, биир сүрүннээн, биир тыыннаан биэрбит.
Ол курдук, сүрүн сэһэн өһөх хаан олбохтоох, сэрииһит хааннаах, туруору майгылаах, кыһыл соһо таҥастаах туматтар тустарынан буолар. Маҥан Мэкчэ аҕатын өлөрөн барыаҕыттан, эһэтигэр иитиллэн, туматтарга кэлэн, Үс Бэлиэлээх Хоһуун аатын ылбыт Даҕанча, таптыыр кыыһа Акана туһунан кэпсэнэр. Иҥсэ-обот иҥмит ойууттар угаайыларыгар киирэн, туматтар биистэрэ наар өлөрөр-өһөрөр, халыыр-талыыр идэлэнэн, кэскиллэрэ сарбылларын, уоттара умулларын туһунан сүрүн санаа этиллэр.
Оттон Маҥан Мэкчэ уола, тоҥ биис хоһууна Өрөгөчөй охсуһууну-этиһиини, сэриини утарар, иллээхтик олорорго баҕарар да, аҕатын хааннаах сырыыларын иэстэбилэ буолан, сырдык тыына быстар. Балта Ньырбачаан туос оҥочоҕо олорон, Бүлүү өрүһүнэн тыынын тэскилэтэн, соҕотоҕун куотар. Ромаҥҥа бу Ньырбачаан туһунан сүрүн сэһэн эбит буоллаҕына, испэктээкилгэ сүрүннээн туматтар тустарынан кэпсэнэр. Билиҥҥи айдааннаах кэмҥэ сэриини, өлөрсүүнү-өһөрсүүнү өрө туттахха, уһун уоту оттубатыҥ туһунан сүрүн санаа этиллэрин көрөөччү өйдүүр.
«Хааннаах илкээни» испэктээккэ былыргы биистэр сыһыаннаһыыларын, ураты үгэстэри, ойууттар кыырыыларын, хоһууттар кыргыһыыларын, килбик тапталы, ытык кырдьаҕастар муударай этиилэрин, о.д.а. көрүөххэ сөп.
Режиссер — СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, култуура үтүөлээх үлэһитэ Александр Титигиров, туруорааччы-худуоһунньук — СӨ култууратын туйгуна Егор Аммосов. Оруолларга оонньоотулар: СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов, СӨ үтүөлээх артыыһа Федот Львов, култуура туйгуна Георгий Бессонов, Владислав Портнягин, Юрий Афанасьев, эдэр артыыстар Татьяна Хомподоева, Елизавета Далбараева, Спартак Ларионов, Арсен Семенов, Никита Соловьев, Ньургун Черов, Мичил Хомподоев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: