Салгыы
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Кытайга гостуруоллаан кэллэ

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Кытайга гостуруоллаан кэллэ

03.11.2024, 18:28
Хаартыска: Д.Попов (Сахамедиа)
Бөлөххө киир:

2024 сыл Саха сирин култууратын тэрилтэлэригэр Оҕо тыйаатырын ускуустубатын сылынан биллэриллибитэ. Биллэриллибит сыл чэрчитинэн, СӨ Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатыра Саха сиригэр уонна өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр элбэх гостуруолга сырытта.

Ол иһигэр, алтынньы 23-26 күннэригэр Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Хэйлунцзян провинциятын Цзямусы, Фуцзинь уонна Фуюань куораттарыгар «Дьол тааһа» испэктээгинэн гостуруоллаатылар.
Бу туһунан «Сахамедиа» өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ буолбут кэмпириэнсийэҕэ билиһиннэрдилэр. Кэмпириэнсийэҕэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Турантаева, СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Зинаида Николаева, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кылаабынай режиссера Александр Титигиров, тыйаатыр кылаабынай худуоһунньуга Прасковья Павлова, сүрүн оруолу толорооччу Илья Яковлев уонна испэктээккэ оонньообут артыыстар кытыннылар.
Тас дойдуга гостуруолу СӨ бырабатыылыстыбата, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сибээскэ министиэристибэлэрэ өйөөтүлэр. Икки өрүт үтүө сибээстэрин бөҕөргөтөр, кэҥэтэр соруктаах гостуруол Кытай уонна Арассыыйа хардарыта сибээстээх үлэлииллэрин сылларын чэрчитинэн, Хэйлунцзян провинциятын уонна Цзямусы куорат норуодунай бырабыыталыстыбаларын өйөбүллэринэн тэрилиннэ.
Алексей Павлов Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра ыраас, сырдык, кэрэҕэ сирдиир испэктээктэри туруоруохтааҕын бэлиэтээн туран, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр айаннара судургу буолбатаҕын туһунан саас сааһынан кэпсээтэ. Ол курдук, Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри, онтон салгыы Биробиджаҥҥа диэри пуойаһынан айаннаабыттар. Манна күн-дьыл туруга уларыйан, түөрт күн устата тардыллан, визаларын уонна рейстэрин уларытарга күһэллибиттэр. Айан төһө да сыралааҕын иһин, тыйаатыр эрэгийиэннэр икки ардыларыгар култуураҕа бигэ сибээс далаһатын  ууран уонна ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ билиһиннэрбиттэринэн, Хотугу сир норуоттарын үһүйээннэринэн туруоруллубут «Дьол тааһа» испэктээги көрөөрү хас биирдии куорат саалатыгар (сорох саалалар 2 тыһыынчаттан тахса миэстэлээхтэр) толору көрөөччү муһунна. Көрөөччүлэр артыыстар оонньууларын сэргэ, чаҕылхай декорациялары, омук көстүүмнэрин уонна умсулҕаннаах муусуканы биһирээн, артыыстары сыанаттан өр кэм устата ыыппатылар. Цзямусы куоракка испэктээк кэнниттэн эдэр көрөөччүлэр хаалан артыыстар көстүүмнэрин, муусукаҕа оонньуур үнүстүрүмүөннэрин кэрэхсээн илиилэрин тутан-хабан көрдүлэр. Фуцзин, Фуюане куораттарга олус үөрбүт, сөхпүт-махтайбыт оҕолор туран эрэ ытыстарын таһыннылар, артыыстартан илии баттааһыннарын көрдөстүлэр уонна хотугу норуоттар үгэс буолбут култуураларын билиһиннэрбиттэригэр махтаннылар.
Прасковья Павлова туруорууга реквизиттэр судургу тутуллаахтарынан, түргэнник хомуллалларынан ханна баҕарар илдьэ сылдьарга табыгастаахтарын бэлиэтээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, испэктээк синхроннай тылбаастаах көрдөрүлүннэ. Тылбааһын тыйаатыр үлэһитэ, кытай тылын баһылаабыт Мария Андреева оҥорбут.
2007 сыллаахха аан бастаан туруоруллубут «Дьол тааһа» испэктээк —  өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы араас куонкурустар лауреаттара.

БЫҺААРЫЫ:

«Дьол таааһа» испэктээк дьоҥҥо дьолу аҕалыахтаах аптаах тааһы көрдүү ыраах айаҥҥа туруммут Хони (оруолга СӨ култууратын туйгуна Илья Яковлев) диэн ааттаах эдэр уол мүччүргэннээх сырыытын кэпсиир.
Туруорааччы режиссер – тыйаатыр кылаабынай режиссера, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров, туруорааччы-худуоһунньук – тыйаатыр кылаабынай худуоһунньуга, СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павлова.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: