Салгыы
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Уһуйааччы сылын «Дьикти саас» айымньынан арыйда

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Уһуйааччы сылын «Дьикти саас» айымньынан арыйда

04.02.2023, 09:53
Хаартыска: И.Коркина тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Алексей Павлов салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай  тыйаатыра Уһуйааччы сылын саха норуодунай суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан «Дьикти саас» сэһэнинэн туруоруллубут испэктээкилинэн арыйда. Туруорааччы режиссер — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Валентина Якимец. Сүрүн оруолларга — Алексей Павлов, Евгений Шамаев уонна Татьяна Хомподоева.

Испэктээкили олунньу 2 күнүгэр Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр «Түһүлгэ» култуура дьиэтин сыанатыгар көрдөрдүлэр. Саалаҕа көрөөччү тобус-толору буолан, нууччалыы ханарытан этэр буоллахха, «дьаабылыка даҕаны түһэр сирэ» суоҕа. Туруоруу  ааспыты санатар ностальгия тыыннаах ааста, артыыстар хас биирдии тахсыылара ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

Санатар буоллахха, «Дьикти саас» сэһэн орто оскуола бырагырааматыгар баар. Айымньыга ааспыт үйэ 70-с сыллардааҕы кэм көстөр,  манна оскуоланы бүтэрээри сылдьар обургу оҕолор тустарынан кэпсэнэр. Сүрүн дьоруой – Кеша Попов-Гассан тыа сиригэр олорор, орто оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ. Кини дьикти сааһын туох баар этинэн-хаанынан, кутунан-сүрүнэн билэр, иэйэр. Ол курдук, уол тула үгүс көстүу буолар – маҥнайгы таптал истиҥ иэйиитэ, олох сааскытын эриэхимэй эгэлгэтэ, ол быыһыгар, хаҕыс сыһыан, сиэрэ суох быһыы-майгы уо.д.а. Дьоруой тулата — кини олоҕор сүҥкэн суолтаны ылар доҕотторо, чугас дьоно, ыаллара уонна учууталлара.

Испэктээкил декорациятынан ааспыт, сэбиэскэй кэм уратытын толору тиэртэ, онон, көрөөччүлэр артыыстардыын тэҥҥэ  ол дьылларга тиийэн ылбыт курдук буоллулар диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо. Маныаха, артыыстар оруолларын итэҕэтиилээхтик толорбуттара эмиэ суолталаах. Хас биирдии дьоруой саҥарар тыла-өһө ураты болҕомтону уонна хайҕабылы ылла. Ол курдук, артыыстар бары олус бэркэ, үрдүк таһымнаахтык оонньоотулар. Гассан оруолун толорбут артыыс Евгений Шамаев эдэр герой уобараһын үчүгэйдик көрдөрдө, ис кутунан-сүрүнэн долгуйуутун, иэйэрин кытары ылыннарыылаахтык арыйда.

Маны сэргэ, испэктээкилгэ биир ураты оруол баар — түспэтийбит, сааһыра барбыт Кеша Попов-Гассан. Кини дьоруойа сыанаҕа тахса-тахса, ааспыт олоҕун туһунан кэпсиир, испэктээкил кини ахтыытынан сирдэтиллэн туруоруллан көһүннэ. Бу бэйэтэ биир хатыламмат, эриэккэс көстүүнэн буолла. Оруолу Арассыыйа култууратын үтүөлээх улэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов толордо. Кини саҕаланыытыгар сыанаҕа тахсан кэлэн, оскуолатааҕы сылларын  ахтылҕаныгар умсар: үөрэммит кылааһыгар киирэн, эргэ паартаҕа олорон, «онус кылааска үөрэнэ сылдьан английскай тыл уруогун учуутала «Актрисаны» ахтан саҕалаабытыгар, кылааска күлбүт-үөрбүт,  сэргэх көрүҥнээх эдэр оҕолор уонна учуутал киирэллэр. Субу маннык, киһиэхэ олус чэпчэкитик киирэр, романтичнай «Дьикти саас» испэктээкил саҕаланар. Онон,  маҥнайгы хартыынаттан, көрөөччү ааспат ахтылҕаны таарыйар ураты эйгэҕэ киирэргэ дылы.

Даҕатан этэр буоллахха, бу айымньыга ойууланар «көмүс сылларга»  өрөспүүбүлүкэбитигэр үгүс-элбэх ытыктанар иитээччи, учуутал уонна уһуйааччы баар буолбута. Кинилэр үгүс билиилэринэн, хас биирдии киһиэхэ сырдык суолу арыйбыт, үрдүккэ сирдээбит, дойдуларын туһугар сүҥкэн кылааты киллэрбит, олохпутун салайсыбыт сырдык суолдьутунан буолаллар.

Испэктээкилгэ оскуола оҕолоро эмиэ кыттыыны ыллылар. Ой нэһилиэгин орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ пионер буолан, көстөн аастылар. Түмүккэ, кинилэргэ махтанан, театр уус-уран салайааччыта Алексей Павлов махтал суруктарын туттартаата.

Пьеса бүтүүтэ, сэһэргээччи дьоруой кылааска олорор сыанатын кэмигэр, испэктээкил сүрүн соругун арыйар дьайыы буолла – Ой орто оскуолатын бэтэрээн учууталларын мэтириэттэрэ уонна хаартыскалара сыана улахан экраныгар көһүннүлэр. Маныаха, дьон бары олус үөрдэ. Онон, эдэриттэн эмэнигэр диэри хас биирдии кэлбит киһи сүрэхтиин-быардыын астынна, дуоһуйа сынньанна.

Маны сэргэ, түмүккэ, учуутал оруолун толорбут артыыска, СӨ култууратын туйгуна Любовь Макарова үөрэммит уһуйааччытыгар, Ой нэһилиэгин орто оскуолатыгар өр сылларга үлэлээбит учууталга, СӨ Үөрэҕириитин туйгунугар, педагогическай үлэ бэтэрээнигэр, Нөмүгү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Федорова Раиса Викторовнаҕа эҕэрдэ суругу кытары бэлэх туттарда.

Испэктээкил кэнниттэн биһиги бэтэрээн учууталлартан санааларын иһиттибит.

Семенова Пелагея Петровна, учууталлар учууталлара, СӨ култууратын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:

— Мин Ой орто оскуолатыгар үгүс сыллар тухары музыка учууталынан үлэлээбитим. Бүгүн испэктээкилтэн олус үөрдүм. Олус хайҕыыбын. Көрө олороммун ааспыт кэми ахтан-санаан кэллим. Бэйэм учууталлыы сылдьыбыппын, субу курдук музыкаҕа эҥин үөрэппиппин санаан кэллим. Ити эргэ паарталары көрөн сэргээтим, биһиэхэ эмиэ итинниктэр бааллар этэ. Бары артыыстарга, испэктээкили туруорбут үлэһиттэргэ махталбын тиэрдэбин. Маннык курдук пьесалары өссө туруортаан иһиҥ!

  Архипова Александра Гаврильевна, «СӨ үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин», «Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан» бэлиэлэр хаһаайкалара:

— Мин 36 сыл тухары оҕолору математикаҕа үөрэппитим. Испэктээкили олус сөбүлээтим. Бэйэм «Дьикти саас» айымньы ааптара норуодунай суруйааччы Василий Семенович Яковлев-Далан биир дойдулааҕа буолабын. Бары эдэр артыыстар эчи талааннаахтарын, кэрэлэрин. Көрө олороммун ааспыт эдэр кэмнэрбин ахтан-санаан кэллим. Биһиэхэ, бэтэрээн учууталларга бу испэктээкил күндү бэлэҕинэн буолла.

Федорова Раиса Викторовна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:

— Мин Ой орто оскуолатыгар өр сылларга нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитим. Хас да сыллааҕыта бу испэктээкил премьератыгар сылдьыбытым, онно Айта оруолун үөрэнээччим Айталина Громова толорбута. Оттон бүгүн учуутал оруолун эмиэ мин үөрэнээччим Любовь Данилова-Макарова толордо. Кинини кытта тэҥҥэ долгуйдум. Испэктээкилтэн олус астынным, дьоруойдары кытта тэҥҥэ эмиэ долгуйа, иэйэ олордум. Хас биирдии бу испэктээкили көрбүт киһи сөбүлээбит буолуохтаах. Инникитин өссө даҕаны ситиһиилэри баҕарабын.

Анисимова Елизавета Николаевна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:

— Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар, Уссурийскай педагогическай институту бүтэрээт, манна Ой орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаастарга учууталынан кэлбитим. Испэктээкили көрө олороммун бэйэм эдэр сааспын, оҕо сааспын, оскуолабын ахтан кэллим. Артыыстар оруолларын наһаа үчүгэйдик толордулар, киһини олус долгуттулар. Инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри  баҕарабын.

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: