Салгыы
Үүнэр-сайдар Дьокуускай куораппыт!

Үүнэр-сайдар Дьокуускай куораппыт!

Ааптар:
07.09.2024, 09:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Быйыл өрөспүүбүлүкэ киин куората төрүттэммитэ 392 сылын бэлиэтиибит. Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүн балаҕан ыйын саҥатыгар бэлиэтиир үгэстээхпит. Күн бүгүн Дьокуускай куорат 384 979 нэһилиэнньэлээх. Тэҥнэбилгэ ыллахха, уон сыл анараа өттүгэр, 2014 сыллаахха 294 138 киһи. Онон, биһиги куораппыт Арассыыйаҕа биир саамай тэтимнээхтик сайдан иһэр, нэһилиэнньэтин ахсаанынан күннэтэ элбии турар куоратынан буолар. Бу сылга  куораппытыгар ханнык улахан тутуулар ыытылыннылар итиэннэ ханнык бырайыактар үлэҕэ киирэн эрэллэр эбитий?

Роман Дмитриев аатынан кытыл

Дьокуускай куорат олохтоохторо, ыалдьыттара биир сөбүлээн тоҕуоруһа мустар сирдэринэн Роман Дмитриев аатынан кытыл (набережнай) буолар. Бу кытыл Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киирэн турар. Уулуссаны саҥардыыга анаан барыта 358 мөл. солк. үп көрүллүөхтээх диэн эрдэ иһитиннэрэн тураллар.

Кытыл уһуна Хабаров уулуссаттан Аччыгый Хатыыстаахха диэри 1,14 км курдук. Бырайыакка 374 миэтэрэлээх куорат сөтүөлүүр сирэ эмиэ киирэр.

Быйыл уулусса аспаалын, суолу кыйа дьон хаамар, бэлисипиэтинэн сылдьар ыллыгын, кытыл устун күрүө (ограждение) оҥордулар, кырааскалаатылар.

Уулуссаны тупсарыыга көҕөрдүү үлэтигэр, уотугар-күөһүгэр, оптуобус тохтуур, массыына туруорар миэстэтигэр тиийэ оҥоһуллуохтаах. Үлэ күһүҥҥэ диэри ыытыллара суоттанар. Күн бүгүн 202-с түөлбэнэн саҥа суол аһыллан, массыыналаах дьон туох да харгыһа суох саҥа тэлгэммит аспаалынан айанныыллар.

Бырайыагынан ыскамыайкатыгар, бөх тоҕор уурунатыгар, бүрүөһүннээх хачыалыгар, көҕөрдүүтүгэр тиийэ оҥоһуллуохтаах.  Маны таһынан, сөтүөлүүр сиргэ душевой уонна атах суунар, автономнай уопсастыбаннай тахсан киирэр сирдэр былааннаналлар. Быһатын эттэххэ, соҕуруу куораттартан итэҕэһэ суох аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир кытыл буолуохтаах.

Сайсары эбэ саҥа көстүүлэниэ
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Сыл бүтүөр диэри Роман Дмитриев аатынан кытыл (набережнай) таһынан, Сайсары күөл кытылын тупсарыы үлэтэ түмүктэнэрэ былааннанар.

Сайсары күөл кытылыгар кафелар уонна былаһааккалар баар буолуохтара. Эбийиэк бэлэмэ – 60 %-тан тахса. Тротуар билиитэтин ууруу, ону таһынан, тротуардары уонна бэлисипиэт суолларын аспааллааһын, күрүөтүн туруоруу, кыһыҥҥы кафелары оҥоруу уонна сырдатыы үлэтэ ыытыллар.

Саҥардыллыбыт киин болуоссат
Хаартыска: СИА.

Дьокуускай куорат маастар-былааныгар Ленин болуоссатын саҥардан оҥоруу биир бастакынан киирбитэ. Билигин манна саха алааһын көрдөрөр уустук тиэхиньиичэс­кэй-архитектурнай былаан олоххо киирэн эрэр.

Булгунньах анныгар араас уотунан тыгар көлүччэ-фонтан оонньуоҕа, ол тула 12 аарыма сэргэ күлүмүрдүө.

Үтүөнү-сырдыгы түстүүр сэргэлээх болуоссаппыт киин куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын сынньанар, күүлэйдиир биир сөбүлүүр сирдэринэн буоларыгар саарбахтаабаппыт.

Кадеттар саҥа оскуолаланнылар
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Билии күнүгэр – балаҕан ыйын 1 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолаларын үөрэнэр куорпуһун арыйдылар. Бэлиэ тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кытынна.

Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-­оскуолалара 2000 сыллаахха СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан тутуллубута. Күн бүгүн 7-11 кылаастарга 140 кадет үөрэнэр. Быйыл 30 оҕо киирбит, эһиилгиттэн үөрэнээччилэри 5-с кылаастан ылар былааннаахтар.

Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, 200 миэстэлээх саҥа куорпус дойду бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагынан тутулунна. Тутуу 2022 сыллаахха саҕаламмыта. Үс мэндиэмэннээх, 6,4 тыһ. кв. м тахса иэннээх оскуола туспа бырайыагынан оҥоһуллубут. Үөрэнэр куорпуһу таһынан, 125 миэстэлээх интэринээти быйыл сэтинньи бүтүүтэ үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.

Саҥа кыһаҕа үөрэнэр кэбиниэттэр, лабаратыарыйалар, лингафоннай кылаастар, ааҕар саалалаах бибилэтиэкэ, 120 миэстэлээх аактабай саала, киэҥ-куоҥ успуорт саалата, аһыыр саала, үөрүүлээх линьиэйкэлэри ыытар уонна тус састаап устуруойдаан турарыгар холлар, мастан уонна тимиртэн уһанарга аналлаах мастарыскыайдар бааллар.

Онтон оскуола тэлгэһэтигэр устуруойдуурга, постка турарга дьарыктанарга, үөрүүлээх линьиэйкэлэри ыытарга плац оҥоһуллубут. Ону таһынан, харгыстаах балаһалаах, сүүрэр ыллыктаах, футболлуур хонуулаах, баскетболлуур, волейболуур былаһааккалаах уонна хамсаныылаах оонньууларга анаммыт физкултууралыыр-успуордунан дьарыктанар сирдээх.

«Сулустаах» түөлбэҕэ саҥа тутуулар
Хаартыска: Ульяна Захарова.

Дьокуускайга ДьТК (ДСК) оройуонугар “Сулустаах” түөлбэ тутуллан хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан үгүс киһи дьиэлэннэ-уоттанна. Ол курдук, уопсайа А, В, С сектордарга арааран түөлбэни тутуу  олус табыгастаахтык саҕаламмыта.

 Уопсайа бу түөлбэҕэ 265 тыһыынча кв. иэҥҥэ  11 тыһыынча киһи олорор буолуоҕа. А секторга 500-тэн тахса кыбартыыраҕа араас бырагыраама чэрчитинэн дьон 2022 с. номнуо олохсуйбута. Оттон С уонна В сектордарга уон дьиэ тутуллубутуттан сэттэ дьиэтэ номнуо үлэҕэ киирбитэ.

Быйыл  эбии биэс дьиэ сотору кэминэн киириэхтээх. Бэлиэтээн суруйдахха, «Сулустаах» түөлбэ бары сектордара аныгылыы тутуулаахтар, дьон-сэргэ олохсуйарыгар бары өттүнэн табыгастаахтар. Ол курдук, «Сулустаах» түөлбэ олохтоохторо киир да олор, ол эбэтэр бэлэм өрөмүөннэммит дьиэҕэ киирэллэр. Онон куорат иһигэр туспа куорат курдук оҥоһуллубут аныгы сайдыылаах түөлбэҕэ кэлэр 2025 сылга саҥа поликлиника  уонна куорат үрдүнэн саамай улахан оскуола дьэндэйиэхтээх. Оскуола сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх. Маны сэргэ, оптуобус сырыытын-айанын учуоттаан, саҥа оптуобус сырыылара баар буолуохтара. Суолга харыы буолбатын, айан-сырыы бытаарбатын туһуттан, бары сектордар үлэҕэ толору киирдэхтэринэ, Покровскай уонна Эргэ Покровскайдыыр суолунан суол аһыллыах­таах. Ол туһуттан сир учаастактарын атыылаһан суолу саҥардыы үлэтэ ыытыллыахтаах. В сектор тутуута 2026-2028 сылларга былааннанар.

Бары социальнай эбийиэктэри таһынан, бу түөлбэҕэ үрдүк кыамталаах хочуолунай биир тутаах эбийиэгинэн буолуоҕа. Дьокуускай үрдүнэн саамай күүстээх кыамталаах хочуолунайга «Сулустаах» түөлбэ эрэ буолбакка, манна чугас баар дьиэлэр, чааһынай сектор холбонуох­тарын сөп.

Сайсарыга – успуорт комплекса
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Киин куорат Сайсары уокуругар элбэх өҥөнү оҥорор ус­­пуорт комплекса бу сайын “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар иннилэригэр аһыллыбыта. Бу комплекс баазатыгар 9 №-дээх оҕо  успуорт оскуо­лата үлэлиир.

Комплекс 10 ый иһигэр түргэнник уонна аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир гына  хаачыстыбалаахтык тутулунна. Саҥа ус­­пуорт комплексын уопсай иэнэ 2800 кв. м. Бастакы этээскэ 13 миэтэрэ үрдүктээх уус-уран гимнастиканан дьарыктанарга аналлаах саалалаах. Иккис этээскэ ким баҕалаах тустуу, буокса успуорт көрүҥнэригэр уонна тренажернай саалаларга дьарыктаныахтара.

Успуорт комплекса “Демография” национальнай бырайыагынан “Спорт – олох нуормата” бырагыраама чэрчитинэн тутуллубута.

Сылларынан Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин ахсаана:

  • 1632 сыл – 200
  • 1807 сыл – 2700
  • 1906 сыл – 7700
  • 1960 сыл – 77 400
  • 2000 сыл – 195 400
  • 2020 сыл – 322 987
  • 2024 сыл – 384 979
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: