Үүнэр сылы көрсөргө туох көҥүллэнэр, туох бобуллар?
Сахалар бэйэбит халандаардаахпыт дииллэр эрээри, илиҥҥи халандаар баһылаабыта, тутуһуллар буолбута быданнаата. Үгүс сыллар усталарыгар мунньуллубут кэккэ сүбэлэри аҕыйах этиинэн сырдатан ааһабыт.
Үүнэр 2025 сылга үгүстэр олохторугар уларыйыы тахсыаҕа. Бу Күөх Моҕой сыла көһөргө, үлэни уларытарга, ыал буоларга уонна оҕо төрөтөргө саамай табыгастаах кэм дииллэр.
Астрологтар ситиһии, табыллыы кэлэрин туһугар дьиэҕитигэр эриэн үөн статуэткатын ууруҥ эбэтэр сыл бэлиэлээх киэргэли кэтиҥ диэн сүбэлииллэр.
Оттон үпкэ-харчы кэлэрин туһугар дьиэҕит биир эмэ көстүбэт соҕус миэстэтигэр манньыаттары, баай буолуу бэлиэлэрин кистээҥ диэн этэллэр.
Аны туох көҥүллэммэтин, бобулларын көрүөҕүҥ. Үүнэр сылга чугас дьоҥҥутун кытта этиһимэҥ, иирсимэҥ, айдааны таһаарымаҥ. 2025 сылга мөккүһүөх оннугар саҥата суох хаалбыт ордук дииллэр. Соһуччу хамсаныылары оҥоруохтааҕар күүтэ, холкутуйа түһүү туһата элбэх.
Ааһан эрэр сыл куһаҕан өрүттэрин илдьэ үктэммэт туһугар, Күөх Моҕой сыла үүнүөн иннинэ сиппэккэ турар дьыалаларгытын бүтэрэргэ кыһаллыҥ, иэстэн-күүстэн босхолонуҥ, этиспит дьоҥҥутун кытта иллэһиҥ. Саҥа сыл үүнэр түүнүгэр кими да кытта иирсимэҥ, сымыйа эрэннэриилэри этимэҥ.
Эриэн үөн – таламаһа суох, ол эрээри, болҕомтону эрэйэр, уустук хараахтардаах кыыл. Онон Саҥа дьыл иннинэ ааһан эрэр сыл бэлиэтин барытын көстөр сиртэн ылыҥ диэн сүбэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: