Үүт-үкчү ийэҥ курдуккун? Күрэскэ кытын!
Сэтинньи 24 күнүгэр Арассыыйаҕа ыытыллар Ийэ күнүн көрсө, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ «Мамина копия» диэн күрэһи биллэрэр.
Үүт-үкчү ийэҥ курдуккун? Оччоҕо бу дьиэ кэргэн күрэһэр кыттыс!
Бастаан «ВКонтакте» социальнай ситимҥэ ийэҕин кытта түспүт хаартыскаҕын таһаараҕын. Хаартыска оҕо эрдэҕинээҕи, эбэтэр, кэлиҥҥи буолуон сөп. Икки хаартысканы сыһыары тутуохха да сөп.
Онтон хайаан да #маминакопияЯкутия хэштеги туруораҕын. Аккаунуҥ аһаҕас буолуохтаах.
Сэтинньи 18 күнүгэр 9 бастыҥ хаартысканы талан ылан, уопсай куоластааһҥҥа таһаарыахтара.
Түмүк сэтинньи 24 күнүгэр — Ийэ күнүгэр тахсыаҕа. Кыайыылаахха анал бирииһи туттарыахтара.
Өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар улууһуттан кыттар көҥүллэнэр, кыайыылаах бирииһин ханнык баҕарар улууска ыытыахтарын сөп.
Күн сирин көрдөрбүт, таптаан-маанылаан улаатыннарбыт, киһи-хара гыммыт ийэҥ курдук дьүһүннээх буоллаххына, ол аата Таҥара бэлэҕэ буолар. Ол туһунан санаттахха, ийэҥ барахсан үөрүөҕэ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: