Сэтинньи 24 күнүгэр Арассыыйаҕа ыытыллар Ийэ күнүн көрсө, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ «Мамина копия» диэн күрэһи биллэрэр.
Үүт-үкчү ийэҥ курдуккун? Оччоҕо бу дьиэ кэргэн күрэһэр кыттыс!
Бастаан «ВКонтакте» социальнай ситимҥэ ийэҕин кытта түспүт хаартыскаҕын таһаараҕын. Хаартыска оҕо эрдэҕинээҕи, эбэтэр, кэлиҥҥи буолуон сөп. Икки хаартысканы сыһыары тутуохха да сөп.
Онтон хайаан да #маминакопияЯкутия хэштеги туруораҕын. Аккаунуҥ аһаҕас буолуохтаах.
Сэтинньи 18 күнүгэр 9 бастыҥ хаартысканы талан ылан, уопсай куоластааһҥҥа таһаарыахтара.
Түмүк сэтинньи 24 күнүгэр — Ийэ күнүгэр тахсыаҕа. Кыайыылаахха анал бирииһи туттарыахтара.
Өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар улууһуттан кыттар көҥүллэнэр, кыайыылаах бирииһин ханнык баҕарар улууска ыытыахтарын сөп.
Күн сирин көрдөрбүт, таптаан-маанылаан улаатыннарбыт, киһи-хара гыммыт ийэҥ курдук дьүһүннээх буоллаххына, ол аата Таҥара бэлэҕэ буолар. Ол туһунан санаттахха, ийэҥ барахсан үөрүөҕэ!
Бэҕэһээ Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр Чурапчытааҕы гимназия Инновация күнүн үөрүүлээх…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, 11:49 ч. Дьокуускай куорат баһаарынай-быыһыыр сулууспатыгар Ленин проспегар баар 7 этээстээх…
“Цифровой алмаас” III федеральнай пуорум кэмигэр И.И.Фадеев аатынан үп-экэниэмикэ кэллиэһэ уонна “Школа 21. Якутия” бииргэ…
Сэтинньи 4 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлииригэр Арассыыйа уонна Саха…
Өлөөн улууһугар Өлөөн өрүскэ сүппүт эр дьонтон биирдэстэрин көрдөөһүн салҕанар диэн СӨ быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.…
Ил Дархан Айсен Николаев «Хотугу муора суола уонна Арктика» боппуруостарыгар Судаарыстыбаннай Сэбиэт хамыыһыйатын мунньаҕар кытыыны…