Үүтү туттарааччыны көҕүлүөххэ
Тыа хаһаайыстыбатыгар үүтү туттарыы – саамай тыын боппуруос. Үүт туттарылыннаҕына, үрүҥ ас дэлэйэр, олохтоох аспытын-үөлбүтүн аһыыбыт, дьон дохуоттаах буолар. Үүтү тутуу сир-дойду аайы араастык тэриллэр. Ол гынан баран, ирдэнэр былаан туолуохтаах.
Холобура, Мэҥэ Хаҥаласка үс соҕотуопкаһыт (Табаҕаҕа, Павловскайга, Төҥүлүгэ) баар. Итилэртэн “Хоту” ТХПК быйыл 2108 т үүтү тутуохтаах. Манна 10 нэһилиэк үүтүн туталлар. Сүөһү иитээччилэр сааһыран иһэллэрэ үүтү тутууну харгыстыыр. Билигин үүттүгэннээх кэмҥэ күҥҥэ 12-
13 т үүтү “Хотуга” туттараллар. Тутар сыананы бу кэпэрэтиип 2013 сылтан үрдэтэ олорорун бэлиэтиэххэ сөп. Билигин лиитирэ үүтү 17 солк. кэтэхтэртэн тутар, онно 40-ча ыал туттарар. Туттарбыттарын иһин арыынан аахсаллар. Ынах арыыта 1000 солк. атыыланар буоллаҕына, чэпчэтиилээх сыананан – 750 солк. (былырыын 650 солк. этэ) арыыны ылаллар. Ону мунньаҕынан быһаарбыттар. Быһата, үүт туттарааччылары өйүүр сыалтан итинник сыана олохтоммут.
– Переработкаҕа материальнай-тиэхиньиичэскэй хааччыйыыга диэн грант баара. Онон тиэхиньикэлэрбитин ылбыппыт. 60-70 % чэпчэтиилээх этэ. Кэнники бу усулуобуйата ыараан хаалла. Үс сылга биирдэ эрэ кыттыахтааххын. Арыы сыаҕын паарга туттар тэрилэ үс сылынан эргэрэр. Урукку сылларга бу грант кээмэйэ сүрдээх улахан этэ. Арассыыйаттан ити үп кэлбэт буоллаҕына, бэйэбитигэр көрүөххэ наада, – диир “Хоту” кэпэрэтиип бас-көс киһитэ Иван Максимов.
“Горнай-Ас” тэрилтэ 2450 т үүтү тутар соруктаах. Билигин ити кээмэйтэн аҥаарыттан ордугун толорон олороллор. 9 нэһилиэк, бааһынай хаһаайыстыбалар, ИП-лар уопсайа 230 хаһаайыстыба туттарар.
Массыына алдьаннаҕына…
Сүөһү иитээччи аҕыйаан эрэрин “Аргунов И.Д.” ИП баһылыга Иван Аргунов эмиэ хараастан туран, ахтар.
– Билигин үгүстэр ынахтарын ньирэйдэрин кытта ыытан кэбиһэллэр. Онон сыһыы толору ньирэй буолла. Сайыны быһа хонууга-сыһыыга сылдьыбыт ньирэй кыыл курдук буолан кэлэр, ону кыайан дьиэтиппэккин. Ыаммат ынах эмиийэ маститтыыр, кэлин хаһаайын үүт туттарыан баҕардаҕына да, анаалыс ынаҕа маститтаабытын көрдөрөр. Онон сүөһүнү көрүү-истии технологията тутуһулларын курдук үлэ барыахтаах, – диэн санаалаах И.Аргунов.
“Горнай-Ас” тэрилтэ 2450 т үүтү тутар соруктаах. Билигин ити кээмэйтэн аҥаарыттан ордугун толорон олороллор. 9 нэһилиэк, бааһынай хаһаайыстыбалар, ИП-лар уопсайа 230 хаһаайыстыба туттарар. Кэтэх ыал үүтүн 10 солк. туталлар. Сайын үүт таһар массыыналара иккиэн тэҥинэн алдьаммыттарыгар Дьокуускайдааҕы үүт собуотун кытта кэпсэтэн, аҕыйах күн куоракка туттара сылдьыбыттара.
Сүөһүнү иитэр баҕалаах нэһилиэнньэ сааһыран эрэринэн, үүт туттарааччы ахсаана аҕыйаан иһэрин Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгин үүт тутааччыта Галина Капитонова бэлиэтиир. Ол да буоллар, Аһымаҕа элбэх ынахтаах Яков Андреев күҥҥэ 170 киилэни туттарар. Федора Егорова, Варвара Данилова, Николай Алексеев эмиэ бастыҥ көрдөрүүлээхтэр. Кировскайдар үүтү “Горнай-Ас” тэрилтэҕэ туттараллар. Үүт тутар пууннара сабыс-саҥа дьиэ эбит. Кыһын буолла да үүт харчыта хойутуура куһаҕан, онон-манна эргийбэккэ кэлэн түһүөхтээх диир кини быһаччы.
“Дьоҕус собуоттар наадалар”
Былырыын былаанын толорбут “Илгэ” кэпэрэтиип (Томпо, Кириэс Халдьаайы) быйыл 600 тахса т үүтү тутуохтаах. Быйылгы дьылга кинилэртэн Мэҥэ Алдан нэһилиэгэ туспа барбыт. Онон тутар кээмэйдэрэ кыратык кыччаабыт. “Илгэҕэ” онон Ударник, Арыы Толоон, Кириэс Халдьаайы хаһаайыстыбалара туттараллар. Кэпэрэтиип салайааччыта Анатолий Кузьмин үүтү туттарыы, тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар бэйэтэ туспа көрүүлээх.
Анатолий Николаевич этэринэн, ынах сүөһүлээх, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылар Алдан өрүс сүнньүнэн олороллор. Ол түмүгэр күһүн-саас өрүс суола сабыллар кэмигэр бородууксуйаны батарыыга кыһалҕалары көрсөллөр. Хата, “илгэлэр” бэйэлэрин күүстэринэн дьиэлэрин-уоттарын эрдэ тутан саҕалаабыттар. 2008 с. пилорама ылан, мас хайыттарбыттар. Онтон дьэ 2012 с. СӨ Экэниэмикэ министиэристибэтин нөҥүө сайдыыга диэн субсидия ылан, ол үбүнэн дьиэлэрин тутан бүтэрбиттэр. Онтон сиэттэрэн Анатолий Николаевич Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр таҥыллар дьоҕус собуоттар наадалар эбит диэн санаалаах. Бу хайысханы өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ былааннаан, соҕуруу итинник собуоттары оҥорон таһаарар тэрилтэни кытта сибээстэһэн, үп көрөн, аҕалан, тарҕатара буоллар диэн баҕалаах. Оччоҕо үүтү туттарыы хаачыстыбата тупсан, бары санэпид ирдэбиллэригэр сөп түбэһиэ этэ диир.
– Мас дьиэттэн тэйэр кэм кэллэ. Каркас тутуллаах собуоттары туруорар табыгастаах буолуо этэ. Оччоҕо оҥорон таһаарааччы кылгас кэмҥэ кэлэн таҥан биэриэ этэ. Үүтү тутууга үлэлиир дьиэ-уот усулуобуйата эмиэ үчүгэй буолуохтаах. Мин 2001 с. кытта тэҥнээтэхпинэ, үүт туттарыы бу кэнники сылларга аччаата. Ханна даҕаны курдук, биһиэхэ эмиэ дьон сүөһүттэн тэйэн эрэр. Эдэр дьон атын хайысханан дьарыктанар. Томпо оройуонугар сир-уот оҥоһуута үчүгэйдик барара буоллар, сүөһү эбии аһылыгын үүннэриигэ төһүү буолуо этэ. Тыа хаһаайыстыбатын наадата, туһата кэлиэ дии саныыбын. Сир-уот боппуруоһунан дьарыктанан, күрүөлээһиҥҥэ эҥин үлэ бардаҕына, күүскэ сайдар кыах баар, дьиҥинэн. Онон төрөөбүт аспытын, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны күүскэ тэнитиэххэ. Айти технологиялар биһиэхэ сайыннылар диибит, ити технология тыа хаһаайыстыбатыгар киирэрин тобулуохха. Томпо оройуона хайалаах-тайҕа бөлөҕөр киирэр буолан, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы уустуктардаах. Оттуур-мастыыр сирбит дьэбэрэ дойду. Субсидияҕа, граҥҥа тиксиигэ сөптөөх өйөбүл уонна туспа усулуобуйа көрүллэрэ буоллар, – диир А.Кузьмин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: