«Za Самбо» федеральнай бырайыак Саха сиригэр үлэлиир

Share

Саха сиригэр самбо успуорт көрүҥүн быһыытынан сайдарыгар саҥа кыахтар баар буоллулар. Ол курдук, Арассыыйа үрдүнэн саҕаламмыт «Za Самбо» бырайыак төрүттээччитэ, Самбо Арассыыйатааҕы федерациятын салайааччы Сергей Елисеев бу бырайыагы Саха сиригэр тарҕатар былааннаах бүгүн Дьокуускайга кэллэ.

«Za Самбо» бырйыагы бу сыл саҕалаатыбыт, үгүс эрэгийиэнэргэ, ол иһигэр Саха сиригэр тарҕатар былааннаахпыт. Маннай эрэгийиэннээҕи салааны тэрийиэхпит. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ салайаччытын Айсен Николаевы, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин Андрей Тарасенконы кытта көрсүһүүлэр ааһыахтара. Кинилэри кытта успуорт билиҥҥи туругун, самбоны сайыннарыы барылын сүбэлэһиэхпит. Быйыл самбо төрүттэммитин 85 сылын бэлиэтиибит. Үбүлүөй чэрчитинэн араас тэрээһиннэри былаанныыбыт, ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ араас аахсыйалары оҥорор былааннаахпыт” — диэн эттэ Сергей Елисеев.

«Za Самбо» федеральнай бырайыак чэрчитинэн Арассыыйа үрдүнэн тыа сиригэр самбо сиэксийэлэрин тэрийэр былааннаахтар. Бырайыагы “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа уонна Самбо федерацията бииргэ түмсэн саҕалаатыбыттара. 2026 сылга диэри бырайыак сүрүн былааннарын олоххо киллэриэхтээхтэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

48 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

58 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

2 часа ago