«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан «Е-Якутия» порталга «Забота» электроннай сервис үлэлиир. Социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова этэринэн, 3474 киһи бу сервиһинэн туһанна.
— Электроннай сервис толору аата «Паспорт семьи военнослужащего «Забота» диэн. Сервис анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр бары миэрэлэри түмэр, — диэн миниистир Елена Волкова брифиҥҥэ кэпсээтэ.
Кини этэринэн, «Забота» сервис быдан табыгастаах — холобур, дьиэ кэргэн, көмөҕө наадыйыы боппуруостарыгар ыспыраапканы ирдээбэккэ, ханнык миэрэлэр бааллара тахсан кэлэр.
Ханнык көмөнү хайдах ылыахха сөбүн туһунан сиһилии быһаарар. Маны таһынан, электроннай көрүҥүнэн сайабылыанньа биэрэргэ анаан бэлэм «түннүктэр» бааллар.
«Забота» сервис үлэтин туһунан билэргэ бары улуустарга баар «Мои Документы» кииҥҥэ баран, информацияны сиһилии ылыахха, сүбэлэттэриэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: