Запорожскай атомнай ыстаансыйаҕа саба түһүү кутталы үөскэтэр
Бу күннэргэ Запорожскай атомнай ыстаансыйаҕа кимии кэнниттэн судаарыстыбаннай диэйэтэллэр санааларын үллэстэллэр.
Ол курдук, РФ сэнээтэрэ, Федерация Сэбиэтин Регламеҥҥа уонна парламент үлэтин тэрийиигэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Сергей Перминов санаатын маннык үллэһиннэ.
ЫЙЫТЫЫ: ВСУ кимиитин түмүгэр, Запорожскай АЭС сойутар башнята улаханнык эмсэҕэлээбитэ. Ыстаансыйа бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэрбиттэринэн, БПЛА саба түспүтүн кэннэ тымнытар башня умайбыт, ол эрээри сууллар куттала суох. Сергей Николаевич, итинник баламат быһыы ядернай саахал тахсар кутталын үрдэппэт дуо? Уонна ядернай терроризм дьиҥнээх чахчыта буоларын быһыытынан, тоҕо МАГАТЭ бу түбэлтэҕэ тустаах болҕомтону уурбатаҕый?
ХОРУЙ: Запорожскай атомнай электроыстаансыйаҕа кимиэн, Киев салалтата атомнай куттал суох буолуутун боппуруостарын аанньа ахтыбатын өссө төгүл көрдөрдө. МАГАТЭ бириинсиптэригэр бэриниилээхтэрин тылынан эрэ биллэрэн туран, ону өрүү кэһэллэр уонна итинник дьайыыларынан дьон олоҕор кутталы суоһууллар.
Ааҕыныстыба дьайыыта суох буолуута, хомойуох иһин, сабаҕаланар. Кини ООН уопсай дьайыытын курдук, арҕаа дойдулар тэҥэ Украина кириисиһин быһаарарга интэриэһэ суох. Атомнай эбийиэктэргэ кимиилэри көҥүл ыытыы кутталы үөскэтэрэ чахчы. Ол түмүгэр ыстаансыйа инфраструктурата эмсэҕэлээтэ. Ол эрээри, эрдэттэн сэрэтэр миэрэлэри ыытан, кылгас кэмнээх үлэтигэр дьайбата. Норуоттар икки ардыларынааҕы кэтээн көрөөччүлэр кимии туһунан билэллэр. Байыаннайдар уонна “Росатом” исписэлиистэрэ эбийиэк куттала суох буолуутун күнүстэри-түүннэри хааччыйаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: