«Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиала анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр өйөбүл дьаһалларын ыытыы үлэтин салгыыр.
«Филиал социальнай координатордара байыаннай сулууспаттан төннүбүт уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин, 1200-тэн тахса дьону, бары өттүнэн көмөнү оҥорууну салгыы ыытар. Үс ый иһигэр 200-тэн тахса кыттааччы дьиэтигэр сырыттылар», — диэн кулун тутар 26 күнүгэр брифиҥҥэ «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда филиалын салайааччыта Алексей Александров бэлиэтээтэ.
Кини иһитиннэриитинэн, тохсунньу-кулун тутар ыйдарга пуонда филиала 1300-тэн тахса гражданнарга консультация тэрийэн ыытта, 5300-тан тахса ыйытык киирбититтэн, 90 %-тан тахса быһаарылынна.
Саамай элбэх ыйытык бэтэрээн дастабырыанньатын оҥотторуу уонна ылыы, социальнай өйөбүл, харчынан төлөбүрдэри анааһын боппуруостарыгар киирэр.
Быйыл мэдиссиинэ боппуруостарыгар пуонда филиалыгар 600-чэкэ ыйытык киирбит. Ол курдук, 60-тан тахса байыаннай дьайыы кыттылаахтарынан мэдиссиинэ реабилитациялааһынын ыытыыга, 155 байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр мэдиссиинэ көмөтө оҥоһулунна. Санаторнай-курортнай эмтэнии өҥөтүнэн 31 гражданин туһанна, ол иһигэр 4 бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, он таһынан уһулҕа көннөрүү көмөтө 327 киһиэхэ ыытылынна.
Инбэлииттэргэ федеральнай испииһэккэ киирбэтэх тиэхиньиичэскэй реабилитациялааһыҥҥа хааччыйыытын үлэтэ эмиэ ыытыллар. Маннык үбүнэн-харчынан салгыы 23 байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын хааччыйыы былааннанар. Инновационнай технологиялар уонна ортопедия кииннэригэр протезтааһыҥҥа 17 сайаапка оҥоһулунна. Бу кэмҥэ Калуга куоракка 2 бойобуой дьайыы бэтэрээнэ протезтарын туттулар. Кинилэргэ босхо айан-сырыы, олоруу уонна протезтааһын үбэ-харчыта көрүлүннэ.
Олорор дьиэнэн хааччыйыыга 13 бэтэрээҥҥэ көмө оҥоһуллар. Саха сирин улуустарынан уонна Дьокуускайга куоракка олорор дьиэлэри бэрэбиэркэлиир хамыыһыйа 9 көһө сылдьар хамыыһыйата ыытылынна.
Санатан эттэххэ, пуонда филиала Дьокуускай куорат, Ойуунускай уулусса, 41/1 дьиэтигэр баар. Билсэр төл.: 506-506.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…