Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, «Защитники Отечества» пуондаҕа Аҕа дойдуну көмүскүүр буойуттар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехова ыалдьыттаата.
Кини «Защитники Отечества » пуонда үлэтин-хамнаһын кытта билистэ. Судаарыстыбаннай пуонда филиалын салайааччыта Алексей Александров пуонда үлэтин-хамнаһын сиһилии кэпсээтэ, барытын кэритэн көрдөрдө:
-Биһиги бары улуустары кытта үлэлэһэргэ дьулуһабыт. Билиҥҥи туругунан улуустарга 22 социальнай координатор үлэлиир. Арай арктическай оройуоннары кытта дьаһалта нөҥүө сибээстэһэн үлэ ыытабыт. Ону сэргэ уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлэһэбит, — диэн эттэ.
Бэлиэтээн суруйдахха, Юлия Белехова Саха сиригэр оробуочай сырыынан кэлэ сылдьар. Кини пуонда Саха сиринээҕи филиалын үлэтин сэргээтэ, хайҕаата:
— Олус элбэх үлэни ыыта олорор эбиккит. Саамай сүрүнэ — дьон туһугар кыһамньы буолар. Хас биирдии киһи кыһалҕатын, соруктарын быһаарыы сүрүн үлэ буолар. Ардыгар кыһалҕалаах дьон ханна тиийэллэрин да билбэт буолаллар. Онуоха юристар үлэлэһэллэр эбит, волонтердар түмсүүлэрэ эмиэ олус тэрээһиннээх үлэлэри оҥорор эбит, — диэн бэлиэтээтэ.
“Саха сиригэр сэтинньи бүтүүтэ күн-дьыл туруга уларыйа сылдьыа уонна халлаан сылаас буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа…
Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…
Кэбээйи оройуонун борокуратуурата тыатааҕыны көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уонна да атын буруйу оҥоруулар тустарынан холоуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай…
Бүгүн Росморфлот Экспертнэй сэбиэтэ 2024 с. навигацияны түмүктүүр мунньаҕы ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукотскай автономнай…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырыгар "Культура на службе Отечеству"…
"Өлүөнэ очуостара" айылҕа национальнай пааркатыгар Куччугуй-Үрэх диэн сиргэ баар фотоловушкаҕа бу саас төрөөбүт бөрө оҕолоро …