Зашиверскайдааҕы умнуллубут эспэдииссийэ

Share

Зашиверскай куорат Спасо-Зашиверскайдааҕы таҥара дьиэтин 1969 сыллаахха академик Алексей Окладников чинчийбит-үөрэппит эспэдииссийэтин үлэтэ —  киэҥник биллибит,  устуоруйаҕа киирбит түгэн. Зашиверскай таҥара дьиэтин  маҥнай көрбүтүн туһунан Алексей Павлович маннык ахтыы хаалларбыт: “Биһиги бөртөлүөттэн түһээт даҕаны,  модун бэрэбинэлэри саталлаах сүгэнэн ыпсарбыт, хаһан эрэр сүлүүдэнэн бүрүллүбүт түннүктэри таһаарбыт, үрдүк шатердары адаарыппыт, уран башняларынан төбөлөөбүт былыргы мас ууһун кытта сирэй сирэйгэ көрсө түспүт курдук санаммыппыт”.

Окладников  Зашиверскайга тиийиэн тоҕус сыл иннинэ  Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой эспэдииссийэ ыытан, улахан үлэни оҥорбуттаах. Ити историческай-археологическай эспэдииссийэ билигин, хомойуох иһин,  чинчийээччилэр болҕомтолорун таһыгар хаалбыт. Ол эрээри, му­­суойга 62 лиистээх  эспэдииссийэ матыры­йааллара хаалбыттар, онон бу үлэ хайдах даҕаны мэлдьэһиллибэт да­каастабыллардаах.

РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин 1327 № дээх уурааҕынан…

1960 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн мусуойдар истэригэр улахан үлэ саҕаламмыта. Хамсааһын төрүөтүнэн ­атырдьах ыйын 30 күнүгэр тахсыбыт «О дальнейшем улучшении дела охраны памятников культуры в РСФСР» диэн ааттаах РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин 1327 №дээх ­уурааҕа буолбута. Бу уураах сыһыарыытыгар баар испииһэккэ судаарыстыба харыстабылыгар киириэхтээх устуоруйа эбийиэктэрэ ыйыллыбыт этилэр. Ол иһигэр “Зашиверскайдааҕы 17 үйэҕэ тутуллубут таҥара дьиэтэ»  ыйыллыбыт этэ.

Интэриэһинэйэ диэн,  Ярос­лавскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой тэрийбит, Афанасий Дмитриевич Сыроватскай салалталаах эспэдииссийэтэ бу уураах тахсыан иннинэ, хайыы үйэ эргиллибит этэ. Сэрэйдэххэ, уураах тахсыан иннинэ, бырайыага ыраах сирдэргэ эрдэ ыытыллыбыт быһыылаах. Оттон маннааҕы мусуой үлэһиттэрэ, Абый диэки суол уустугун билэр буоланнар, ордук табыгастаах кэми баттаһан, эрдэ айаннаабыттара буолуо. Аныгыс сылы кэтэһимээри, от ыйын бүтүүтүгэр, Индигир өрүс навигацията сабыллыан иннинэ айаҥҥа туруммуттар.

Эспэдииссийэ сыала-соруга

Мусуой үлэһитэ Афанасий Дмитриевич куораттан соҕотох айаннаан тиийэн, миэстэтигэр дьон наймылаһыахтаах эбит, оттон эспэдииссийэ сорох чилиэннэрэ сөмөлүөтүнэн көтөн тиийиэхтээхтэр эбит.

Эспэдииссийэ сорудаҕа түмүк докумуоннарга тиһиллэ сылдьар, онно бу курдук суруллубут:

1) Пааматынньык уопсай туругун, төһө бүтүнүн үөрэтии. Хаартыскаҕа түһэрии, сиһилии барытын кээмэйдээһин. Таҥара дьиэтин уонна тулалыыр сирин былаанын уһулуу. Төһө кыалларынан, бу дойду туһунан түҥ былыргыттан бүгүҥҥээҥҥэ диэри үһүйээннэри хомуйуу.

2) Төһө кээмэйдээх чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ирдэнэллэрин быһаарыы. Сөргүтүүгэ туох матырыйаал ирдэнэрин, чу­­гастан оннук матырыйаал ханна көстүөн сөбүн быһаарыы.

3) Чөлүгэр түһэрэргэ аналлаах чертежтары оҥоруу, онуоха ирдэнэр үп сметатын суоттааһын.  

Бу испииһэктэн эспэдииссийэ маҥнайгы пууну толору оҥорбута биллэр. Ону таһынан, дьону-сэргэни кытта кэпсэтэн, пааматынньыгы харыстыырга аналлаах үөрэтэр үлэ ыытыллыбыт.

Ыарахан айан

Уураах күүһүгэр кии­­риэн иннинэ үлэни саҕалаабыттарын сүрүн төрүөтүнэн суол-­иис мөлтөҕө буолар. Ити кэмнэргэ Абый оройуонугар ыллыҥ да тиийбэккин. Ол туһунан эспэдииссийэ айаныгар сыһыаннаах докумуоннар туоһулууллар. Баатаҕайга диэри биэс хонук айаннаабыттар, икки суукканан Ожогиноҕа тиийбиттэр, онтон Абыйга, оройуон киинигэр — Дружина бөһүөлэккэ биир хонук устубуттар. Дружинаттан Зашиверскай 300 килэмиэтирдээх сиргэ турар. Онуоха диэри сүүрүгү өксөйөн, борокуот хас даҕаны суукка устар эбит, оттон төттөрү — биир суукка.

Айан былаһын тухары Сыро­ватскай, тэлэгирээмэнэн уонна суругунан сибээстэһэ, дакылааттыы испит. Ол суруктартан эспэ­дииссийэ үлэтин элбэх ымпыга-чымпыга көстөр.

Ол курдук, халлаан туран биэрбэккэ, сөмөлүөтүнэн көтөн тиийэн кыттыһыахтаах худуоһунньуктар Кирилл Васильевич уонна Нейля Федоровна Кириллиннэр кэмигэр тиийбэтэхтэр. Онон ааһар теплоходу баттаһаары, Дружина бөһүөлэгин учуутала Яков Викторович Стручкову наймыласпыт.

Стручков эрдэ, 1942 сыллаахха Зашиверскайга тиийэн икки хонук устата үлэлии сылдьыбыттаах эбит. Ол онно сылдьан 30-ча кэриҥэ тутуулары үөрэппит, былааннарын уһулбут. Ол үлэлэрин оруйуоннааҕы мусуойга туттарбыт. Ону таһынан,  алтаар таһыттан Зашиверскайдааҕы таҥара дьиэтин уонна Юкагир-Алазейскай уус бэчээттэрин булбут. Таҥара дьиэтин бэчээтин  сала­йааччы Сыроватскайга араспыыскалаан туттарбыт.

Дьэ ити курдук, Дружинаҕа тиийэн, Муомаҕа ааһар “Днестр” теплоходунан Зашиверскайга айаннаабыттар. Сыроватскай И. Д. Новгородовка  суруйарынан, күүс­тээх сүүрүгү өксөйөр буолан, теплоход сууккаҕа 20-30 килэмиэтир эрэ түргэннээх устар эбит, онон айаннара өссө уһаан биэрбит. Ити суругар, күүстээх ардахтар түһэ туралларынан сибээстээн, балаакка ту­­руорар ыарахан буоларын сэрэйэрин этэр, онон, баҕар, таҥара дьиэтин иһигэр хонуохпут диэн суруйбут. Уонна өйүө астарын кыра баҕайыны ылбыттарын туһунан эппит. Теплоход төннөрүгэр ылан барыаҕар диэри 2 бухааҥка килиэп, 6 кэнсиэрбэ, бэ­­чиэнньэ, туустаах балык уонна саахар өйүөлээх хаалбыттар. Биирдии бэйэлэригэр саалаах эбиттэр. Ити суругун теплоходунан Муомаҕа айаннаан иһэр киһиэхэ биэрбит, ол киһитэ буоста дьааһыгар уган ааспыт.

Үлэ түбүктэрэ

Атырдьах ыйын  6-9 күннэригэр толоруллубут үлэ докумуонугар А.Д.Сыроватскай уонна Я. В.Стручков күүстэринэн хомуллубут кээмэйдээһин үлэлэрэ, хаартыскалара, чертежтара, таҥара дьиэтин уонна колокольняны ойуулаан суруйбуттара  бааллар. Уопсайа 144 хаартыскаҕа түһэрии, 12 уруһуй баар. Сорох хаартыскаларга Афанасий Сыроватскай көстөр, ол аата хаартыскаҕа Стручков түһэрбит быһыылаах.

Хаартыскаҕа көстөрүнэн, Зашиверскайдааҕы таҥара дьиэтэ ити кэмҥэ сэнэх туруктаах турар. Дьон олорор сириттэн син ыраах турар буолан, мээнэ киһи ити сиргэ тиийбэтэ урусхаллааһынтан харыстаабыта буолуо. Уонна былыр уоспа туран, куорат эстибит кэмиттэн ити дойду уос номоҕор кутталлаах сир диэн буолбута, ол эмиэ улахан оруолу оонньообут буолуохтаах.

Онон, эспэдииссийэ сыалын ситиһэн, түмүктээн баран, му­суой үлэһиттэрэ харыстыыр сыаллаах икки тылынан былакаат суру­йан хаалларбыттар. Докумуоннарга тиһиллибит куоппуйатыгар маннык ис хоһоонноох эбит:

“Убаастабыллаах кэлэ сыл­дьааччылар! Зашиверскай-Индигирскэй Спасскай таҥара дьиэтэ 17 үйэ нуучча норуотун мас тутуутун сэдэх архитектурнай пааматынньыга буоларын быһыытынан, ССРС судаарыстыбыннай учуотугар ылылынна. Тыыппаккытыгар, алдьаппаккытыгар, аттыгар уот оттубаккытыгар көрдөһөбүт. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Емельян Ярославскай аатынан му­­суой. Атырдьах ыйын 8 күнэ, 1960 сыл.”

Эспэдииссийэ түмүгэ

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Афанасий Сыроватскай үлэ түмүктэммитин, сөмөлүөккэ билиэт ыларга харчы ыыталларын туһунан тэлэгирээмэ ыыппыт. Ити курдук, кыра кыаҕынан, Спасскай-Зашиверскай таҥара дьиэтин үөрэтэр, чинчи­йэр үлэ 1960 сыллаахха оҥоһуллубута. Ол түмүгүнэн элбэх хаартыскалар, чертежтар, ойуулаан суруйуулар хомуллубуттар.

 

Матырыйаалы суруйууга улахан көмөтүн иһин Ярославскай аатынан мусуой үлэһитэ Надежда Ивановна Торговкинаҕа махталбын тиэрдэбин.

 

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

10 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

11 часов ago