“Здравконтроль”: алтынньыга Саха сириттэн киирбит 31 суругу көрбүттэр
“Здравконтроль” федеральнай бырайыак көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо мэдиссиинэ тэрилтэлэрин кытта быһаарсар кыахтаннылар. Бу чакка өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ бары киирбиттэрэ.
“Алтынньы ыйга медчаттарга Саха сирин 31 олохтооҕо суруйбут. Кинилэр медчат көмөтүнэн бырааска суруйтарар, дьиэҕэ бырааһы ыҥырар, чэпчэтиилээх эми ылар, доруобуйаларынан чинчийиини ааһар кыахтаннылар”, — диэн Саха сирин Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
“Здравконтроль” федеральнай бырайыак салайааччыта, Арассыыйа Федерациятын Уопсастыбаннай палататын чилиэнэ Евгений Мартынов тустаах чаттар мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр кумааҕы үлэтин аччаталларыгар, олохтоохторго бюрократия моһоллорун көрсүбэттэригэр көмөлөһөр диэбитэ.
Саха сирин олохтоохторо күн аайы бэнидиэнньиктэн субуотаҕа диэри 08:00-тан 20:00 диэри медчакка суруйар кыахтаахтар.
Мэдиссиинэ чаттарыгар маннык ссылкаларынан киирэллэр:
https://t.me/+JQ10tZioizw3ZGRi — «Якутск. Здоровье» (все медорганизации г. Якутск);
https://t.me/+1vBz1CVhZEA5ZjFi — «Саха. Здоровье».
“Здравконтроль” көмөтүнэн маннык бопуруостары быһаараллар: быраастарга суруйтарыы, дьиэҕэ ыҥырыы, пациеннар эмтэниилэрин маршрутизацията суоҕа, анаалыһы кэтэһии болдьоҕо уһааһына, көмөнү ылыыга кыһалҕалар, сокуоннайа суох төлөбүрдээх өҥөлөр.
Чаттарынан ханнык боппуруостар быһаарыллыбаттарый? Ыарыы диагноһын туруоруу, эми анааһын, эмтиэкэлэргэ наадыйар эмтэрэ баарын-суоҕун быһаарыы, суһал көмөнү оҥоруу уонна балыыһаҕа киллэрии, инфраструктура боппуруостара (өрөмүөннэр, эбийиэктэри тутуу, медоборудованиены уларытыы уо.д.а.).
Медчаттар дойду 50 эрэгийиэнигэр үлэлииллэр уонна бырайыак “Социальная сфера” пуонданы, Арассыыйа Уопсастыбаннай палататын кытта Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Гранынан олоххо киирэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын прессс-улууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: