Дьокуускайга «Здравслет-2024» мэдиссиинэ эдэр исписэлиистэрин бастакы сүлүөтэ буолла.
Тэрээһиҥҥэ сүүһүнэн киһи түмүстэ. Бырагыраама киэҥ, элбэх араас тэрээһиннэрдээх. Бастакы күн дэлэгээттэр Москваттан кэлбит 52 №-дээх килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһын, Үлэ Дьоруойа Марьяна Лысенконы кытары көрүстүлэр. Кини доруобуйа харыстабылын боппуруостара, Арассыыйа олохтоохторугар үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу уонна эминэн-томунан хааччыйыы дойду салалтатыгар болҕомтоҕо сылдьарын бэлиэтээтэ. Маны тэҥэ, Владимир Путин сорудаҕынан Арассыыйаҕа сотору кэминэн доруобуйа харыстабылын технологияларын кытары сибээстээх национальнай бырайыак олоххо киириитэ саҕаланыаҕын иһитиннэрдэ.
Көрсүһүүгэ эдэр исписэлиистэр ыйытыылары биэрдилэр, киэҥ кэпсэтии таҕыста. Сүлүөт иитинэн салгыы «История успеха» кэпсэтии, дьүүллэһии ыытылынна. Спикердэринэн Лена Афанасьева, доруобуйа харыстабылын миниистирэ, Иван Луцкан, м.н.к., Дьокуускайдааҕы офтальмологическай балыыһа кылаабынай бырааһа, Людмила Маринова, м.н.к., мэдиссиинэ институтун «Педиатрия» отделениетын салайааччыта, Дмитрий Андросов, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа — ЦЭМП анестезиологияҕа уонна реанимацияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ, Алексей Таппахов, м.н.к., мэдиссиинэ институтун неврологияҕа уонна психиатрияҕа кафедратын доцена, Афанасий Аргунов, «Сайберия» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ, Ариан Сергеев, Нам оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа, Павел Федоров, мэдиссиинэ кэллиэһин преподавателэ кытыннылар. Тэрээһиҥҥэ СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир Петр Шамаев сырытта.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа — мэдиссиинэ национальнай киинигэр, 2 №-дээх балыыһа — ЦЭМП, онокодиспансерга, харах балыыһатыгар, 3 №-дээх куорат балыыһатыгар сүлүөт дэлэгээттэрэ иккис күн сырыттылар, үлэни-хамнаһы билистилэр. Ол кэнниттэн түөрт блогунан форсайт-сессия тэрилиннэ, «Система управления сердечно-сосудистыми рисками в первичном звене здравоохранения», «4П-медицина как ключевой фактор благополучия человека», «Патриотическое воспитание молодежи», «Взгляд в будущее: врач Якутии 2030». Дьүүллэһии кэнниттэн дэлэгээттэр эспиэрдэргэ этиилэрин киллэрдилэр.
—Бастакы сүлүөт саҥа үлэлээн эрэр исписэлиистэри түмтэ. Кинилэргэ анаан араас былаһааккалар тэрилиннилэр. Үөрэтэр, экскурсиялыыр, дьүүллэһэр. Маннык киэп үөрүйэҕи атастаһарга, ураты санааны, сүүрээни, бырайыагы дьүүллэһэргэ, саҥаны, сонуну билэргэ кыаҕы биэрэр, үлэлиир баҕаны күүһүрдэр. Бу биһиги исписэлиистэрбит үлэлииллэригэр көмөлөөх буолуоҕа, — диэн этэр доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.
СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ сүлүөтү тэрийсибит СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтигэр, ХИФУ мэдиссиинэҕэ институтугар, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр, волотнер-миэдиктэргэ, уо.д.а. махтанар
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…