«Земскэй быраас» бырагыраамаҕа Уһук Илин уокуругун эдэр исписэлиистэригэр быһаарыы ылыныахтара
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Земскэй учуутал», «Муравьев-Амурский — 2030», «Земскэй быраас» бырагыраама кыттыылаахтарын уонна Уһук Илин уокурукка көһөн кэлбит исписэлиистэри кытта көрсөн кэпсэттэ.
Оренбург куораттан Камчаткаҕа көһөн кэлбит акушер-быраас: «Мин көһөн кэлбит куораппар 50 тыһыынчаҕа тиийбэт ахсааннаах нэһилиэнньэлээх буолан, «Земскэй быраас» бырагырааманан 2 мөлүйүөн солкуобайы буолбакка, 1 мөлүйүөн солкуобайы биэрэллэр эбит. Уһук Илин уокуругар олох таһымын усулуобуйата уустугун учуоттаан, «Земскэй быраас» бырагыраама харчытын эмиэ 2 мөлүйүөн солкуобайга тэҥниир ордук буолуо этэ», – диэн этии киллэрдэ. Онуоха Бэрэсидьиэн Владимир Путин эдэр исписэлииһи кытта сөбүлэстэ уонна «бырабыыталыстыбаҕа бу боппуруоһу быһааралларыгар сорудахтыам» диэн эттэ.
Ити курдук, Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ көһөн кэлбит эдэр исписэлиистэр дойду Аҕа баһылыгын кытта сирэй көрсөн, кинилэри долгутар үгүс ыйытыыларыгар тустаах хоруйдары ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: