«Земскэй быраас» бырагырааманан 161 миэдик үлэлии барда
Быйыл өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар мэдиссиинэ харыстабылын тэрилтэлэригэр 161 исписэлиис, ол иһигэр 90 быраас уонна 71 биэлсэр «Земскэй быраас», «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан үлэлии бардылар. Былырыын 117 быраас, 49 биэлсэр кыттыбыттара. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Бу сылга бырагыраама үбүлээһинэ 231 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспитэ. Тыа сиригэр сэлиэнньэлэргэ уонна куораттыы быһыылаах бөһүөлэктэргэ үлэлии барар быраастарга — 2 мөлүйүөн солкуобай, биэлсэрдэргэ — 1 мөлүйүөн солкуобай, 50 тыһыынчаттан аҕыйах нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлии бардахтарына, быраастарга — 1 мөлүйүөн солкуобай, биэлсэрдэргэ — 500 тыһыынча солкуобай төлөнөр.
— Бары улуустар, ордук Арктика оройуоннарын балыыһаларын миэдиктэринэн хааччыйыы үлэтин министиэристибэ инники күөҥҥэ тутар. Бу соругу толорорго «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак бырагыраамалара төһүү күүс буолаллар. Саха сирэ сыллата бу бырагыраамалары 100% толорор, улуустар балыыһаларын каадырынан хааччыйар, — диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: