“Земскэй быраас” уонна “Земскэй биэлсэр” бырагыраамаларынан быйыл 122 быраас, 27 биэлсэр үлэлии тиийиэҕэ

Share

Быйыл “Земскэй быраас” уонна “Земскэй биэлсэр” бырагыраамаларынан Саха сирин бары улуустарыгар кэриэтэ 149 исписэлиис үлэлии тиийиэҕэ: 122 быраас уонна 27 биэлсэр. Итинтэн 15 бырааһы уонна икки биэлсэри кыра куораттарга ыытар былааннаахтар.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ сэлиэнньэлэригэр, куораттыы тииптээх бөһүөлэктэригэр уонна кыра куораттарга мэдиссиинэ каадырдарын сыһыарарга “Земскэй быраас” уонна “Земскэй биэлсэр” бырагыраамалар үтүө түмүктээхтэрин бэлиэтээн турар. Былырыын тустаах бырагымаанан 68 быраас уонна 38 биэлсэр туһаммыта, ол иһигэр Арктика улуустарыгар 12 быраас уонна 10 биэлсэр үлэлии барбыта.

“2023 сыл муус устар 1 күнүнээҕи туругунан, “Земскэй быраас/Земскэй биэлсэр” федеральнай бырагыраамаларынан 8 бырааһы уонна 1 биэлсэри үлэҕэ сыһыардыбыт. Ол курдук учаастактааҕы терпевтар Үөһээ Бүлүү, Аллараа Халыма, Хаҥалас, Ленскэй улуустааҕы киин балыыһаларыгар үлэлии бардылар. Үөһээ Халыма балыыһатыгар — психиатры, Ленскэйгэ – хируру, Мииринэйгэ – анестезиолог-реаниматолог бырааһы, Айхалга – харах бырааһын.  «Суһал көмө» биэлсэрэ Анаабыр улууһугар үлэлиэҕэ”, — диэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин судаарыстыбаннай сулууспаҕа, каадыр, хоруупсуйаны утары бэлиитикэҕэ уонна наҕараадаҕа салаатын салайааччыта Степан Грязнухин иһитиннэрдэ.

Тустаах бырагырааманан үлэлии барбыт исписэлиистэргэ биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр. Санатан эттэххэ, “Земскэй быраас” бырагырааманан төлөбүр сэлиэнньэлэргэ уонна куораттыы тииптээх бөһүөлэктэргэ үлэлии барбыт быраастарга 2 мөл. солк., биэлсэрдэргэ 1 мөл. солк. тэҥнэһэр.

50 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх кыра куораттарга үлэлии барбыт быраастар 1 мөл. солк., биэлсэрдэр 500 тыһ. солк. ылаллар.

“Земскэй быраас” уонна “Земскэй биэлсэр” бырагыраамалар “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак иитинэн олоххо киирэр.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

29 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

44 минуты ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

59 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago