«Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэссэр» бырагырааманан тыа сиригэр 74 миэдик үлэлии барда

Share

«Земскэй быраас», «Земскэй биэссэр» бырагырааманан тыа сиригэр 74 миэдик үлэлии барда. 

 Ити иһигэр 54 быраас, 20 – биэссэр уонна акушер. Оттон сыл бүтүөр диэри былаанынан тыа сиригэр уопсайа 147 медициинэ исписэлииһэ барыахтаах.

«Тыа сирин, куораттыы тииптээх бөһүөлэктэри уонна кыра, дьоҕус куораттары мэдиссиинэ үлэһиттэринэн хааччыйыыга уонна онно үлэлэтиигэ «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэссэр» бырагыраамалар олус көдьүүстээхтэр«, — диэн бэлиэтиир Ил Дархан Айсен Николаев.

Бу ааспыт 10 сылга Саха сиригэр «Земскэй быраас» бырагырааманан 50  тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх тыа сирдэригэр, куораттыы тииптээх бөһүөлэктэргэ уонна кыра, дьоҕус куораттарга 1015 быраас үлэлии барбыт. Арктическай оройуоннарга 221 исписэлиис тиийбит.

Итинтэн кыратык хойутуу, бырагыраамаҕа биэссэрдэр эмиэ кыттар бырааптаммыттара. Ол түмүгэр, кэнники сылларга бу бырагыраамаҕа 108 исписэлиис кыттыбыта бэлиэтэнэр. Итинтэн 29 исписэлиис Арктика оройуоннарыгар барбыт.

Санатан эттэххэ, бу бырагыраама кыттыылаахтарыгар биир кэмнээх компенсационнай төлөбүр көрүллэр: 2 мөл. солк. быраастарга уонна 1 мөл.солк. биэссэрдэргэ. Маны сэргэ, 50 тыһыынчаҕа диэри нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлии кэлбит быраастарга 1 мөл.солк. уонна биэссэрдэргэ 500 тыһ.солк. төлөнөр. Усулуобуйа быһыытынан 5 сыл үлэлииллэр.

Маны таһынан,  «2020-2024  сылларга хаачыстыбалаах олорор дьиэнэн хааччыйыы уонна дьиэ-уот коммунальнай өҥөтүн хаачыстыбатын үрдэтии» судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн, арктическай уонна хотугу улуустарга үлэлии барбыт 40-гар диэри саастаах быраастар дьиэ атыылаһалларыгар, биир хостоох толору хааччыллыылаах кыбартыыра сыанатыттан 50% социальнай төлөбүр көрүллэр. Ол туһугар оройуоҥҥа мэдиссиинэ тэрилтэтигэр 5 сыл үлэлиэхтээххин.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

22 минуты ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

53 минуты ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

57 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

2 часа ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago