Салгыы
“Земскэй учуутал” бырагыраамаҕа докумуону тутан бүтэллэрэ аҕыйах хонук хаалла

“Земскэй учуутал” бырагыраамаҕа докумуону тутан бүтэллэрэ аҕыйах хонук хаалла

10.04.2024, 13:57
Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

“Земскэй учуутал” федеральнай бырагыраамаҕа учууталлартан сайаапканы муус устар 15 күнүгэр диэри ылаллар. Тустаах бырагыраамаҕа 55-гэр диэри саастаах, орто эбэтэр үрдүк учуутал идэлээх дьон кыттыахтарын сөп.

Учууталлар 50 тыһ. диэри ахсааннаах тыа нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, оробуочай, куораттыы тииптээх бөһүөлэктэргэ эбэтэр куораттарга дуогабар түһэрсэн үлэлии баралларын иһин судаарыстыбаттан харчы бэриллэр. Быйылгы сылга Саха сиригэр 17 вакансия көрүллүбүтэ. Оннооҕор Амма, Мэҥэ Хаҥалас курдук улуустарга вакансия баар. Сиһилии бу сигэни арыйан көрүөххүтүн сөп.

Сайаапканы тустаах саайтка ылаллар https://zemteacher.apkpro.ru/ (Банк вакансий – выбрать регион – подать заявку).

Сэҥээрбит дьон бу ыйыллыбыт нүөмэргэ төлөпүөннээн билсиэххитин сөп: 89142322403, Данилова Сардана Эркинбековна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: