“Земскай быраас” уонна “Земскай биэлсэр” бырагыраамалары ситиһиилээҕинэн ааҕан 2030 сылга диэри уһатар буолбуттар.
Бу туһунан Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Мишустин Госдумаҕа Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы отчуотугар ахтан аһарда.
2023 сылга бу бырагыраамалар чэрчилэринэн 6,5 тыһыынча быраас идэлээх дьон саҥа үлэ миэстэтигэр тиийбиттэр. Бу иннинэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Земскай быраас” бырагырааманан көрүллэр “көтөҕүү” үбү-харчыны үрдэтэр туһунан этии киллэрбитэ. “Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ курдук «көтөҕүү» үбү-харчыны улаатыннарар көдьүүстээх буолуон сөп: быраастарга икки мөлүйүөн солкуобайы, биэлсэрдэргэ биир мөлүйүөҥҥэ тиийэ”, — диэн эппитэ Бэрэсидьиэн.
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…