Салгыы
Жанна Докторова: “Биһиги өйөбүлбүт олус наада!»

Жанна Докторова: “Биһиги өйөбүлбүт олус наада!»

Ааптар:
04.12.2022, 12:00
Бөлөххө киир:

Уус Маайа оройуонугар гражданскай туругу сурукка киллэрэр управление салайааччыта Жанна Докторова анал байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах ыҥырыынан уонна бэйэ баҕатынан кытта сылдьар биир дойдулаахтарыгар аҕа уонна эр-ойох буолууну туоһулуур докумуоннарын толорон биэрэн көмөлөһүү суһаллык оҥоһулларын туһунан санаатын үллэстэр:
— Биһиги, саахса уорганнарын үлэһиттэрэ, быстах ыҥырыы биллэриллибит кэмиттэн ыла анал байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах ыҥырыынан уонна бэйэ баҕатынан кыттан, ытык иэстэрин төлүү сылдьар дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр, саастарын ситэ илик оҕолоругар аҕа, эр-ойох буолууну туоһулуур докумуоннарын суһаллык толоруу өҥөлөрүн оҥоробут. Ол курдук, Элдьикээн бөһүөлэгэр бэбиэскэ туппут байыаннай сулууспалаахха ыал буолар докумуонун толоро охсон туттарбыппыт. Уопсайынан, бу кэмнэргэ эр-ойох буолууга уонна эрдэ төрөөбүт оҕолоох дьонтон аҕа буолууга сайабылыанньа киириитэ элбээтэ.
Биһиги улууспутугар ыарахан быһыыга-майгыга түбэспит бэйэлэрин биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөргө бэлэм үтүөкэн майгылаах дьоммут элбэхтэр. Ол курдук, оройуоҥҥа быстах ыҥырыынан сулууспалыы сылдьар дьоммутун өйүүр сыаллаах анал пуонда тэриллибитэ, маны таһынан аһымал кэнсиэртэр ыытыллыбыттара. Онно мин оҕолорбунаан көхтөөхтүк кыттыбыппыт. ДНӨ Кировскай куоратын чөлгө түһэриигэ үбүнэн көмөлөһүүгэ өрөспүүбүлүкэбит салалтатын көҕүлээһинин итиэннэ СӨ Бырабыыталыстыбатыгар гражданскай туругу сурукка киллэрэр управлениетын идэлээх сойууһун баҕа өттүнэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барааччыларга наадалаах малы-салы хомуйууга аһымал аахсыйалары ыытар туһунан ыҥырыытын өйөөбүппүт.
Ийэ дойдубутугар суоһуур кутталтан көмүскүү сылдьар дьоммутун кытта биһиги бииргэбит, кинилэри өйүүргэ өрүү бэлэммит! Кинилэргэ биһиги өйөбүлбүт, салгын курдук, олус наада!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: