Жатай таһыгар саҥа комплекс тутуллуоҕа

Share

Саха сирэ үөрэххэ инвестициятынан дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар. Маны оскуола, уһуйаан тутуулара туоһулууллар. Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр эһиил 19 оскуола, 6 уһуйаан тутуллуоҕа диэн иһитиннэрдэ. 

«2018 сылтан өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар, улуустарыгар 36 оскуола, 66 уһуйаан тутулунна. Бу сыл түмүгүнэн өссө 14 оскуола уонна сэттэ уһуйаан үлэҕэ киириэ. Саҥа дьиэлэр бары технологичнайдар, табыгастаахтар, интерактивнай кылаастар, спортивнай саалалар, сайыннарар инклюзивнай эйгэ бааллар. Киин куорат дуу, тыа сирин оскуолата дуу буоларыттан тутулуга суох үөрэх үрдүк таһымнаахтык барарыгар усулуобуйа барыта баар.

Маныаха дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан олоххо киирбит уларыта тутуу федеральнай бырайыага улаханнык көмөлөстө. Быйыл 38 оскуола хапытаалынайдык өрөмүөннэннэ. Эһиил өссө 57 оскуола өрөмүөннэниэҕэ», — диэн эттэ.

Ону таһынан, 317 «Үүнүү туочуката»үөрэх киинэ аһыллыбытын иһитиннэрдэ. Коррекционнай оскуолалар мастарыскыайынан, тыа оскуолалара спортивнай саалалар анал тэрилинэн хааччыллаллар, өрөмүөннэнэллэр диэн эттэ.

«Муус устар 12 күнүгэр Өктөмҥө СӨ Билим дьоҕус академията үөрэх-билим киинэ аһылынна. Бүтүн дойду үрдүнэн ураты. Бу тыһыынчанан оҕо ннники идэтин таларыгар көмөлөһүөҕэ, билиминэн дьарыктанарга, айымньылаахтык үлэлииргэ сирдиэҕэ», — диэн бэлиэтээтэ.

Маны тэҥэ, социальнай бииргэ үлэлэһиинэн Жатай аттыгар аһымал пуонданан «Кэлэр кэм туочуката» (Точка будущего) үөрэх комплексын тутуу үтүө холобурунан буолуоҕа диэн ыйда. «Бу оскуолалаах, оскуола иннинээҕи уонна эбии үөрэхтээһин куорпустардаах, доруобуйаны бөҕөргөтөр спортивнай комплекстаах, учууталларга кампустаах уонна иитэ ылар дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах бөһүөлэктээх буолуоҕа», — диэтэ. Тустаах комплекс уопсай иэнэ 63 тыһ. кв. миэнэ диэн иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago