Өлүөнэ өрүһүнэн таһаҕаһы уонна пассажирдары тиэйии салҕанар. Жатай-Төхтүр икки ардынан паром күннэтэ сылдьар диэн бүгүн, сэтинньи 2 күнүгэр, СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Жатай бөһүөлэгин өттүттэн парому күүтэн 100-чэ массыына (сүрүннээн таһаҕас тиэйэр массыыналар), оттон Төхтүр өттүттэн 50 массыына (сүрүннээн легковой массыыналар) тураллар», — диэн иһитиннэриигэ суруллубут.
Күн устата паром туолан иһэринэн икки толору рейси оҥорор былаан баар. Барже-буксирнай састаапка 95-100 легковой эбэтэр 25 таһаҕас тиэйэр массыына батар. Бэлиэтээн сурулларынан, састаап үлэтэ өрүс гидрологическай туругуттан тутулуктаах.
Сиһилии ЛОРП-ка эрийэн билсиҥ: (4112) 40-80-09, доб. 12-31, 8-914-104-29-71.
Дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтин түмүгүнэн Саха сирин алта спортсмена дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдэ. Бу туһунан пресс-кэмпириэнсийэ…
Быйыл Олоҥхо күнүн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар араас куонкурустар, бэстибээллэр, быыстапкалар, испэктээктэр, научнай-быраактыычаскай кэмпириэнсийэлэр, квестар, көрсүһүүлэр,…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгин бөдөҥ соботун хаартыската тарҕанна. Балык 2,5 киилэ…
Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Мииринэй куоракка 1 №-дээх орто осуола эбии тутуута үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.…
Дьокуускайга полиция отделыгар олохтоох дьахтар 30 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уонна баан счетуттан 40 тыһ.солк. уордарбытын…
Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Мииринэй оройуонугар "Анаабыр" массыына эрэгийиэннээҕи суолугар баар Чуоналыыры туоруур муостаны арыйдылар.…