Жатайдааҕы суудунаны оҥорор собуот эһиил олоххо киириэҕэ
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Жатайдааҕы суудунаны оҥорор собуот акциятын федеральнай бакыата Саха сиригэр бэриллиэҕин туһунан иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, “Жатайдааҕы судоверфь” акционернай уопсастыба акцияларын барытын Саха сиригэр биэрии туһунан федерация таһымыгар кэпсэтии былырыыҥҥыттан ыытыллар. Билигин бу собуот акциятын улахан аҥаара (78 %) Судаарыстыбаннай баай-дуол федеральнай агентствотын бас билиитигэр баар. Саха сирин сайдыытын корпорацията – 19 %, “Өлүөнэтээҕи өрүс пароходствота” – 3 % акцияны илдьэ сылдьаллар.
Бу собуот “Якутия” урутаан сайдар сир ахсааныгар киирсэр. Собуот “Суудуналары уонна муора тиэхиньикэлэрин сайыннарыы” федеральнай бырагырааматынан тутулла турар. Силигин ситтэҕинэ Арктика, хоту дойду өрүстэрин суудуналарынан хааччыйыахтаах. Бастакы түһүмэҕин тутуута 2020 сыллаахха түмүктэниэхтээх этэ, ол эрээри билигин үптэн-харчыттан иҥнэн кыайан олоххо киирбэккэ турар. Ил Дархан Айсен Николаев мунньахха бэлиэтээн эппитинэн, билигин собуоту тутууга 1 млрд солкуобай тиийбэккэ турар, ону сэргэ федеральнай акцияны эрэгийиэн таһымыгар биэрэри быһаарыахха наада.
“Миниистир Денис Мантуровы кытары бу боппуруоска үгүстэ кэпсэтэн турабын. Федерация илдьэ сылдьар акцияларын өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ылара буоллар быдан табыгастаах буолуо этэ”, — диэн этэр Айсен Сергеевич.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин бу боппуруоһу түмүктүүрүгэр: “Бырабыыталыстыба Саха сирин салалтатын кытары собуот бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрэргэ үлэлэһиҥ. Федерация таһымыгар баар акциялары наада буоллаҕына эрэгийиэҥҥэ биэрэр боппуруоһу көрүҥ. Бу туһунан вице-премьеры уонна эрэгийиэн салайааччытын кытары кэпсэттибит. Өскөтүн акциялар бэриллэр түгэннэригэр Саха сирэ собуот реконструкциятын бүүс-бүтүннүү бэйэтин эппиэтинэһигэр ылар”, — диэн бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: