Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуот саҥа сыаҕа аһылынна
Бүгүн Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуот саҥа сыаҕа аһылынна.
Эбийиэк Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах пароходствотын Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуоту сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн тутуллан үлэҕэ киирдэ.
Былырыын 1 284 кв.м иэннээх бастакы өрөмүөннүүр мэхэньиичэскэй сыах тутуллан олоххо киирбитэ. Онон бу эбийиэк иккис улахан тутуунан буолар.
1 296 кв.м иэннээх өрөмүөннүүр сыах үрдүгэ – 9,7 м, ааннарын кэтитэ – 8 м.
Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах пароходствотын салайааччыта Сергей Ларионов саҥа эбийиэк суолтатын, кэскиллээх былааннарын туһунан суруналыыстары кытта үллэһиннэ:
Сүүнэ улахан сыахха өрөмүөн арааһа ыытыллыаҕа. Үлэһиттэргэ усулуобуйа барыта тэриллибит.
Сыах икки салаалаах. Улахан суудуналары чаастарынан арааран, манна аҕалан өрөмүөннүөхтэрэ.
Собуокка 20-тэн тахса сыл үлэлээбит Александр Стебленко санаатын маннык үллэһиннэ:
Суруналыыстар салгыы бүгүҥҥү күҥҥэ ыытылла турар үлэни кытта билистибит.
Таһырдьа аһаҕас халлааҥҥа биир бөдөҥ суудуна мууһун ириэрэ сылдьалларыгар түбэстибит.
Бэрт халыҥ мууһу уот оттон, ол суоһугар ириэрэллэр эбит. Ол кэннэ алдьаммыт өттүттэн быһан ылан, саҥа сыахха илдьэн өрөмүөннүөхтэрэ. Онтон уу суола аһыллыытын саҕана өрөмүөннэммит чааһын аҕалан, иһэрдэн биэриэхтэрэ.
Онон бу халыҥ муус ириэр диэри маннык уһун үлэ барыыһы.
Суруналыыстарга «ЛОРП» ПАУо кылаабынай инженерэ Василий Плетеневскай тэрилтэ суудуналара кыһыҥҥы кэмҥэ турар «гараастарын» тиийэн көрдөрдө.
Дьэ, сүүнэ элбэх хараабыл «кыстаан» турар эбит. Бу бары Өлүөнэ Эбэ устун сайыны быһа уста сырыттахтара эбээт!
Мантан өрөмүөҥҥэ наадыйааччы уу ааллара эмиэ бааллара чахчы.
Онон хараабыллары үчүгэйдик чинчийэн баран, саҥа сыахха өрөмүөҥҥэ утаарыахтара турдаҕа. Бу туһунан кылаабынай инженер Василий Плетеневскай суруналыыстарга санаатын үллэһиннэ:
Сорох суудуналар 7 улууска баар «ЛОРП» филиалларыгар кыстыыллар эбит. Сайыҥҥы навигация саҕаланна да, үлэлэрин онтон саҕалыыр гына.
Дьэ, ити курдук Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах пароходствотын Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуот саҥа сыахтанан, кэлэр навигацияҕа уу аалларын өрөмүөннээн, номнуо олохтоох бэлэмнэниини саҕалаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: