Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуот саҥа сыаҕа аһылынна

Share

Бүгүн Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуот саҥа сыаҕа аһылынна.

Эбийиэк Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах  пароходствотын Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуоту сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Былырыын 1 284 кв.м иэннээх бастакы өрөмүөннүүр мэхэньиичэскэй сыах тутуллан олоххо киирбитэ. Онон бу эбийиэк  иккис улахан тутуунан буолар.

1 296 кв.м иэннээх өрөмүөннүүр сыах үрдүгэ – 9,7 м, ааннарын кэтитэ – 8 м.

Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах  пароходствотын салайааччыта Сергей Ларионов саҥа эбийиэк суолтатын, кэскиллээх былааннарын туһунан суруналыыстары кытта үллэһиннэ:

Сүүнэ улахан сыахха өрөмүөн арааһа ыытыллыаҕа. Үлэһиттэргэ усулуобуйа барыта тэриллибит.

Сыах икки салаалаах. Улахан суудуналары чаастарынан арааран, манна аҕалан өрөмүөннүөхтэрэ.

Собуокка 20-тэн тахса сыл үлэлээбит Александр Стебленко санаатын маннык үллэһиннэ:

Суруналыыстар салгыы бүгүҥҥү күҥҥэ ыытылла турар үлэни кытта билистибит.

Таһырдьа аһаҕас халлааҥҥа биир бөдөҥ суудуна мууһун ириэрэ сылдьалларыгар түбэстибит.

Бэрт халыҥ мууһу уот оттон, ол суоһугар ириэрэллэр эбит. Ол кэннэ алдьаммыт өттүттэн быһан ылан, саҥа сыахха илдьэн өрөмүөннүөхтэрэ.  Онтон уу суола аһыллыытын саҕана өрөмүөннэммит чааһын аҕалан, иһэрдэн биэриэхтэрэ.

Онон бу халыҥ муус ириэр диэри маннык  уһун үлэ барыыһы.

Суруналыыстарга  «ЛОРП» ПАУо кылаабынай инженерэ Василий Плетеневскай тэрилтэ суудуналара кыһыҥҥы кэмҥэ турар «гараастарын» тиийэн көрдөрдө.

Дьэ, сүүнэ элбэх хараабыл «кыстаан» турар эбит. Бу бары Өлүөнэ Эбэ устун сайыны быһа уста сырыттахтара эбээт!

Мантан өрөмүөҥҥэ наадыйааччы уу ааллара эмиэ бааллара чахчы.

Онон хараабыллары үчүгэйдик чинчийэн баран, саҥа сыахха өрөмүөҥҥэ утаарыахтара турдаҕа. Бу туһунан кылаабынай инженер Василий Плетеневскай суруналыыстарга санаатын үллэһиннэ:

Сорох суудуналар 7 улууска баар «ЛОРП» филиалларыгар кыстыыллар эбит. Сайыҥҥы навигация саҕаланна да, үлэлэрин онтон саҕалыыр гына.

Дьэ, ити курдук Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах  пароходствотын Жатайдааҕы уу суудуналарын өрөмүөннүүр собуот саҥа сыахтанан, кэлэр навигацияҕа уу аалларын өрөмүөннээн, номнуо олохтоох бэлэмнэниини саҕалаата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

3 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago