Жатайга айбардыыр алабай ханна тиийдэ?
Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата билигин даҕаны сытыытык турар. Ол курдук, сыл саҕаланыаҕыттан Дьокуускайга 108 ыты тутан приюкка илдьибиттэрэ.
Былырыын, сыл бүтүүтэ Жатайга алабай боруодалаах ыт оҕолоох дьахтарга саба түһэ сыспыта. Дьахтар дьиэ подъеһыгар кыл мүлчү куотан быыһаммыта. Айбардыыр, бар дьоҥҥо кутталынан суоһуур алабайы хас да күн устата көрдөөбүттэрэ уонна тутан «Помоги выжить» пууҥҥа илдьибиттэрэ.
Бэлиэтээн суруйдахха, Жатайга кутталынан суоһуур алабайы Москва заводчиктара ыллылар диэн суруйан турабыт. Приют салайааччыта, Екатерина Безрученко бу туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Былырыын Жатайга дьону куттаабыт алабайы тутаммыт приюппутугар аҕалбыппыт. Телеграм-ханаалбытыгар таһаарааппытын кытта, Москваттан сибээскэ тахсан куратордар нөҥүө кэпсэтии баран алабайы Москваҕа ыыппыппыт. Быйыл «ОптимистПроф» маҕаһыын таһыгар оҕону ытырбыт алабай биһиги приюппутугар баар. Хаһаайына ытыттан аккаастаммыта. Онон эмиэ хаһан ылалларын кэтэһэбит. Улахан боруода ыты иитэ ылар дьон эппиэтинэһи кыылларын эрэ иннигэр буолбакка, дьон иннигэр эмиэ ылыахтаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: