Жатайга оҕолоох дьахтарга ыт түстэ
Жатай бөһүөлэгэр оҕолоох дьахтарга алабай түспүтүн туһунан сурах кэллэ. Биһиги тута Жатай бөһүөлэгин баһылыгын солбуйааччы эбээһинэһин толорооччу Руслан Геннадьевич Кречетовка сибээскэ таҕыстыбыт.
— Сэтинньи 11 күнүгэр, киэһэ 19 ч.50 мүн. Жатай бөһүөлэгин полициятыгар оҕолоох дьахтарга алабай боруодалаах ыт түспүтүн туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Биһиги тута, «Помоги выжить» диэн ыты быстах кэмҥэ тутар пуун салайааччыта Екатерина Безрученкоҕа сибээскэ тахсыбыппыт. Биһиги бу пууну кытта бииргэ үлэлэһэр дуогабардаахпыт. Кинилэр биһиэхэ алабай ыты суһаллык тутарга биригээдэ ыыппыттара. Полиция үлэһиттэрэ, ону сэргэ бэтэринээрийэ департаменын үлэһиттэрин кытта борокуратуура дьаһалынан административнай хамыыһыйа тэрийэн үлэлэһэн эрэбит. Дьахтар суруйбут сайабылыанньатынан күн ахсын ити алабайы тутаары рейдэ бөҕөтө оҥоһуллар даҕаны, билиҥҥитэ тута иликпит. Оҕолоох дьахтар хата ыттан эмсэҕэлээбэтэх, дьиэ подъеһыгар куотан быыһаммыт. Онон улаханнык куттаммыт эрэ диэххэ сөп. Уопсайынан, бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата ханна барыай, баар. Сокуон хараҕынан ыттары тутабыт, аттаан, чииптээн баран төттөрү ыыталлар. Өскөтүн, бу чииптэммит ыт иккитэ хаста дьоҥҥо хабыр майгытын көрдөрдөҕүнэ биирдэ эрэ кинини туталлар уонна хаайаллар. Жатайга ыт дьоҥҥо саба түһүүлээх хас да түгэн бэлиэтэммитэ. Онно икки ыт хаһаайыннааҕа биллибитэ, — диэтэ кини.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: