Жатайга ыт оҕоҕо саба түстэ
Бэҕэһээ, муус устар 4 күнүгэр, Жатай бөһүөлэгэр кыыска ыт саба түспүтүн туһунан иһилиннэ. Бэлиэтээн сурйдахха, бу кыһыны быһа Жатайга бэйдиэ ыттар элбэхтэрин, дьоҥҥо кутталынан суоһуулларын туһунан биһиги эмиэ суруйан турабыт.
Бу иннинэ оҕолоох ийэҕэ ыт саба түһэ сыспытын ааһан иһэр эр киһи быыһаабыта. Оттон бу сырыыга ыт оскуола үөрэнээччитин атаҕын ытыран, кыыс суһаллык балыыһаҕа киирбит. Дьокуускай куорат борокуратуурата бэрэбиэркэлээбитинэн, кыыска саба түспүт ыты туттараары олохтоохтор дьаһалтаҕа хаста да үҥсэ сылдьыбыттар. Ол эрээри олохтоох дьаһалта туох да миэрэни ылбатах. Инньэ гынан, Дьокуускай куорат борокуратуурата Жатай бөһүөлэгин дьаһалтатыттан 100 тыһыынчаны моральнай хоромньу быһыытынан оҕо туһатыгар бэрдэрэр туһунан ирдэбил суукка ыыппыт. Билигин ол көрүүгэ уонна хонтуруолга сылдьар эбит.
Биһиги Жатай бөһүөлэгин дьаһалтатыгар сибээскэ тахсыбыппыт, баһылык солбуйааччыта Руслан Кречетовка сарсын эрийээриҥ диэбитэ. Сибээскэ таҕыстахпытына сиһилии суруйуохпут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: